ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ныһый

туохтуур

Нууччалыы тереть, давить, размельчать что-л

1 туохтуур #

Туох эмэ бөдөҥү илдьирит, ибили ньиккэрий

Нууччалыы Тереть, давить, размельчать что-л

  • Оҕоҕо сэттэ, алта ыйыттан ыла үүккэ оҥоһуллубут хортуоппуй хааһытын, онтон оҕуруот аһын ныһыйан (пюре оҥорон) сиэтэллэр. Дьиэ к. Кырбаммыт эриэппэ луугу үүнээйи арыытыгар ныһыйан баран эбии тэллэйгэ куталлар
    УГС ССКОТ

2 туохтуур #

Үлтү сыс, суох оҥор; харса суох кыдый

Нууччалыы Разбить, разгромить, сокрушить (напр., противника); подстрелить, набить (напр., дичь)

  • Тэбэнэкээн эмээхсин ампаартан тахсаат, Моҕус аҕыс тараҕай уолун-кыыһын кырган, ныһыйан кэбиспит. Саха ост. I. Сарсыныгар Кэрээкин оҕонньор уонна кини уола -- бааттааҕын бааттаахтар, элбэх куһу өлөрөн ныһыйдылар.
    В. Протодьяконов
  • Уолаттар уҥуор туораан аптамаатчыктар бөлөхтөрүн ныһыйдылар.
    А. Данилов
  • Ср. калм. ниши ‘разбивать’, хак. чыс ‘тереть, натирать’

«Н» буукуба