ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ньимиликээн

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы тихоня, молчун; человек, не умеющий находить в подходящий момент нужные слова

1 аат тыл #

Саҥата суох киһи; саҥарбакка хаалар киһи (тоҕоостоох кэмҥэ)

Нууччалыы Тихоня, молчун; человек, не умеющий находить в подходящий момент нужные слова (напр., смущаясь, растерявшись)

  • "Бука, киһи кэпсээри эрэ гыннаҕына хабыргыыгын эбээт, оттон мааҕын тоҕо ньимиликээн буолбуккунуй", - диэн Боскуо мөхтө.
    А. Софронов
  • Мин бу кыыһы уһуннук батары көрөн, -- симиттэн ньимиликээн буолан турдум.
    Н. Габышев
  • Ньимиликээн буолан саҥата суох олорон биэрэрим хайдах да табыллыбат
    Чолбон

2 даҕааһын #

суолт. Төрүт саҥарбат, саҥата суох

Нууччалыы Молчаливый, неразговорчивый

  • Ньимиликээн уол.
  • Мин аргыһым Кулуһун [киһи аата], хаар эбэ курдук, ньимиликээн киһи буолан биэрдэ.
    И. Гоголев
  • Оннооҕор ньимиликээн Баанньа бүгүн кэпсэттэ ээ
    Г. Васильев
Өссө холобурдар (1)
  • Иһийбит, иһийэн турар (айылҕа туһунан). Θ Притихший, застывший (о природе). Бу сырыыга мин ол ньимиликээн мастартан орпот туос ама киһи буолан биэрдим
    Н. Заболоцкай

3 этии #

Нууччалыы Хранить молчание, помалкивать

  • Ньимиликээн буол - тугу да этимэ, тугу да билбэтэх-көрбөтөх курдук тутун Билэ-билэ тоҕо ньимиликээн буола сылдьаҕын?
    Болот Боотур
  • Дуоһунастаах дьон тоҕо ньимиликээн буолбуттара биллэр. Софр. Данилов. [Көөдөҥ] үстэ-хаста Сүллэһин Сүөдэри көрөн баран, умса туттан, тугу да билбэтэх ньимиликээн буолан, атын муоһатын күүскэ садьыалаан ааһыталаабыта.
    П. Аввакумов
  • Оччоҕо Былатыаны көмө сатаабыт дьон бачча тухары тоҕо ньимиликээн буола сылдьыбыттарай? "ХС"

«НЬ» буукуба