Перевод с якутского
ньимиччи
сыһыат
Нууччалыы безмолвно
Ис хоһооно · 5
1 #
сыһ
Чараас уостарын ньимиччи туттан, кэтирии мыччырыстыбыт көтөх сирэйэ сырдыы мичээрдээбит. Амма Аччыгыйа Арсен кытархай хааннаах уоһун өһөстүк ньимиччи тутунна уонна кыыска утары хаамта. А. Фёдоров Аана тылын таһааран иһэн, айаҕын ньимиччи тутунна М. Доҕордуурап
2 #
Ыпсары, иһирдьэ кимистэн киирэр курдук (хол., тутун - уос туһунан)
Нууччалыы Поджав (напр., губы)
3 #
Батары, иһирдьэ киирэр гына (хол., түс, ас)
Нууччалыы Вглубь, внутрь чего-л. (напр., воткнуть, провалиться)
Хахыйахтарын тэллэҕин, уу хоннун диэн, тутум кэриҥэ ньимиччи түһэрэн олордон кэбистилэр. У. Нуолур Аппанаас [ураҕаһын] арҕах айаҕын иһин диэки ньимиччи анньан истэҕинэ, иһиттэн киһи куйахата күүрүөххэ айылаах дириҥ улаҕалаах ырдьыгынааһын дьириһийдэ. Я. Семёнов Лев Львович -- кэккэлэһэ турар кириэһилэ олоппоско ньимиччи түспүт Айысхаана
Өссө холобурдар (2)
Улаханнык хомулларын курдук. Θ Так, чтобы вмялось (ударить). Таас ньимиччи охсуллуутугар, хаспахха батан киирбэккэ, хабырыллан хаалла. Т. Сметанин Тэҥн. ньилчи
4 #
Ыпсары, ыга сыһыары
Нууччалыы Плотно, впритык (закрыть)
Ньимиччи сабыллыбыт тирии бүрүөһүннээх аан аһылынна. В. Титов Сааскы күн кытархайдыҥы сардаҥата ньимиччи тардыллыбыт бадьаархай ойуулаах халыҥ түннүк сабыытын курдат дьиэ иһин өлбөөркөйдүк сырдатар
Г. Колесов
5 #
ньимси 1 диэн курдук. Уйаара-кэйээрэ биллибэт дуолан тайҕаны тугу да ордорбокко хаар ньимиччи түспүтэ. В. Яковлев. Үрдүк Ходуһа уута ходуһаны бүтүннүүтүн ньимиччи ылар. "ХС"