ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ньиргит

туохтуур

Нууччалыы производить энергичный, громкий, раскатистый звук

1 туохтуур #

Улахан, эрчимнээх ньиргийэр тыаһы таһаар

Нууччалыы Производить энергичный, громкий, раскатистый звук

  • Баҕар, кырдьык, бу кыраайга тэргэни эһэн ньиргитэр наада үөскээбэтэҕэ буолуо.
    Болот Боотур
  • Сайыҥҥы бөлөх самыыр Орусуолап кулуба алааһыгар түһэн ньиргиттэ.
    Эрилик Эристиин
  • Кини дьиэҕэ тахсан эрдэҕинэ ааны тоҥсуйан ньиргиттилэр
    М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (5)
  • Күүскэ саай, оҕус (доргуйуор диэри). Θ Сильно ударить так, чтобы сотряслось. Сэмэн: "Үчүгэй аҕайдык ньиргиппитим, төбөтүн уҥуоҕа хампарыйбыта буолуо", - диэн киһиргээн ньаамыргыыр.
    Р. Кулаковскай
  • Үһүстэрэ сүллүгэһинэн көхсүбүн ньиргиттэ
    ХС
  • Уһуннук тугу эмэ оҥор, гын. Θ Делать что-л. долго, основательно. Дьэ, биһиги туран, оччону истэн баран, үлэлээн ньиргит да ньиргит.
    Н. Лугинов
  • Эдэр киһи утуйан ньиргитэ түстүҥ ээ
    С. Тумат
  • Улахан тэрээһиннээх тугу эмэ (хол., уруу) оҥор. Θ Устраивать что-л. грандиозное (напр., отгрохать свадьбу). Холбоһо охсуҥ ээ, хата сыбаайба ньиргитиэ этибит
    У. Нуолур

2 туохтуур #

Аһара улаханнык саҥар (ыллаа, хаһыытаа, күл)

Нууччалыы Говорить (петь, кричать, смеяться) энергично, громко, от души

  • Хаппытыан харса-хабыра суох тыл этэн ньиргитэ турар.
    А. Софронов
  • Ким сатыыр бары ыллаан ньиргитэллэр.
    Амма Аччыгыйа
  • Уолаттар хаһыытаан ньиргиппиттэрэ
    ХС

«НЬ» буукуба