ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ньирээйи

даҕааһын, аат тыл

Нууччалыы молодой, тонкий, упругий

1 даҕааһын #

Улаата илик синньигэс, иинэҕэс (хол., мас)

Нууччалыы Молодой, тонкий, упругий (напр., о дереве)

  • Сып-сырдык чээлэй күөх мутукча сандаҕыра наҕарбыт, ньирээйи сирэм тырымнаабыт, сэбирдэх илибирээбит.
    П. Ойуунускай
  • Ньирээйи хахыйах бөлкөйө мэһэйдээн, бочугурас эрэйдээх миигин өйдөөн көрбөтөх быһыылаах.
    Болот Боотур
  • Тэбис тэҥҥэ ойуур иһиттэн часкыйар саҥа аймана түһэр да, ньирээйи ойууру тоҕо силэйэн, тыһы эһэ ойон тахсар
    М. Чооруоһап

2 даҕааһын #

Ырыган, дьүдьэх, көтөх (хол., сүөһү)

Нууччалыы Худой, ослабленный, худосочный (о скотине)

  • Кыһыны арыычча туораабыт ньирээйи торбостору сайыҥҥы мэччирэҥҥэ ыыталаатылар.
  • Ыстаадабыт табатын үксэ сайыҥҥы ыйдарга өлө сыһан баран өрүттүбүт бодоҥнор, ньирээйилэр.
    А. Кривошапкин
  • Тэҥн. ньыраайы
Өссө холобурдар (1)
  • Онтон аллара -- хойуу тэтиҥнээх чараҥнар силигилииллэр, ол салгыытыгар сэндэҥэ ньирээйини кырыйа маардар субуллар сирдэригэр дьороҕор сотолоох тайахтар кыһалҕата суох хаамсаллар. А. Кривошапкин (тылб.)

3 аат тыл #

суолт. Саҥа быган эрэр үүнээйи (хол., от-мас)

Нууччалыы Росток, поросль (о растительности)

«НЬ» буукуба