ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ньулуй

туохтуур

Нууччалыы становиться пресным; менее соленым, кислым, крепким

1 туохтуур #

Аһыы, хабархай амтана суох буол; тууһа биллибэтэх буол

Нууччалыы Становиться пресным; менее соленым, кислым, крепким

  • "Тымныыга испиир барахсан арыый ньулуйан, мөлбөккөй буолааччы", - диэн кырдьаҕас сэһэргиир.
    М. Доҕордуурап
  • Кымыска сүөгэй куталлар, оччоҕо ньулуйар. "Чолбон". Ону барытын (лабыктаны, муоҕу, папоротник сэбирдэҕин) бытархай-бытархай гына кырбаан табаҕар буккуйара. Оччоҕуна, кураххай аһыы амтана ньулуйара. А. Кривошапкин (тылб.)

2 туохтуур #

Манньытан, сылаанньытан киир (хол., сааскы салгын)

Нууччалыы Вызывать умиление, сладостные ощущения (напр., весенний воздух)

  • Хобордооххо алаадьы буһан сырылаата. Ол сыта минньигэс-минньигэс баҕайынан Уйбаан сүрэҕэр ньулуйан киирэр.
    Л. Попов
  • Соловей ырыатын алыбар налыйан, Сад иһэ, аллея сааскылыы көҕөрөр, Күөх Кавказ сибиэһэй салгына ньулуйан, Хоту сир оҕотун күдэхпин көтөҕөр
    А. Кондратьев

«НЬ» буукуба