Перевод с якутского
ньыгыл
даҕааһын, аат тыл
Нууччалыы без какого-л. изъяна, твёрдый, крепкий, плотный
1 даҕааһын #
Туох да дьиэгэ суох биир кэлим тыйыс, кытаанах оҥоһуулаах
Нууччалыы Без какого-л. изъяна, твёрдый, крепкий, плотный
Ньыгыл таас. [Ньургун Боотур] Алта былас холобурдаах Аманаат дараҕар сарыннаах, Баай тиитим бастыҥ дүлүҥүн Балтаччы ууран барыллаабыт курдук, Барылы ньыгыл быччыҥнаах эбит.
П. ОйуунускайСымара таастан килбиэннээх өҥнөөх, лыҥкынас тыастаах, ньыгыл ыстаал болгуо тахсан кэлэр. Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (1)
Оччолорго Тэппэй өссө да үөрэнэ илигэ, оттон эһэтэ киппэ, ньыгыл оҕонньор кыһынын тыаттан киирбэккэ бултуура Далан
2 даҕааһын #
Кытаанах, бигэ түмсүүлээх
Нууччалыы Сплоченный, единый
Биһиги литературабыт ньыгыл акылаата саха норуотун былыр былыргыттан муспут тылынан айымньытын кыһыл көмүс кылаатыгар -- олоҕуран, нуучча литературатын барҕардар сабыдыалынан ууруллубута. С. Данилов Ол иһин эн аармыйаҥ хас буойуна барыта - герой, барыта чулуу, барыта ньыгыл.
Суорун ОмоллоонСаха уонна нуучча норуоттарын бөҕө, ньыгыл доҕордоһуулара үгүс сыллар усталарыгар бииргэ олорууга төрүттэнэн кытааппыта, сайдыбыта ССЛИО
Өссө холобурдар (3)
Ити курдук били болгуоҥ саамай ньыгыла, сиһин үөһэ, дьиҥнээх тимирэ эрэ ордон хаалар. Күннүк Уурастыырап Охсуһуу одун эрэйиттэн Чугуруйбат дьулуурдаах дьоннор, Ньыгылтан, тимир тимириттэн Кутуллан үөскээбит курдуктар. И. Эртюков Ср. каракалп. нык ‘коренастый (крепкого телосложения)’, тат. нык ‘крепкий, прочный’
3 аат тыл #
суолт. Туох эмэ бөҕөтө, кытаанаҕа; күүстээҕэ
Нууччалыы Единство, сплоченность; твёрдость чего-л