ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ньыкаа

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы шашка

I

1 аат тыл #

Дуобат оонньуурга аналлаах хаптаҕай төгүрүк

Нууччалыы Шашка (точеный кружок для игры в шашки)

  • Оҕонньордоох уол - кырдьаҕастаах эдэр дуобаччыттар - остуол нөҥүө утарыта олорон, хороохторун уонна ньыкааларын туруортаан оонньуурга оҥостунан барбыттара.
    Далан
  • Тупсаҕай оҥоһуулаах фабричнай дуобаттар баар буолуохтарыттан хороох уонна ньыкаа диэн тыллар улам умнуллан барбыттара. ПРД ДДь. Уһана үөрэнээччи аан бастаан инчэҕэй талахтан сытыы быһаҕынан кыһан хороох, ньыкаа диэн ааттанар саха дуобатын оҥоруон сөп
    ПСН УТС
II

2 даҕааһын #

Атаахтык иитиллибит (оҕону этэргэ)

Нууччалыы Капризный, избалованный (обычно о ребенке)

  • Харахпын сабарбын кытары Мин түүлбэр өрдөөҕү кэм киирэр. Төрдүөйэх мин ньыкаа саастаахпын, Баҕардар буолуоҕа үс эрэ.
    С. Данилов
  • Кини [Аан Чыҥыйа] чахчы атаах, ньыкаа этэ, ырыаны-тойугу, үҥкүүнү олус таптыыра.
    И. Гоголев
  • Килбик, ньыкаа кыргыттары Кини түлэй түүннэргэ Кууһан, уураан ааспыта Күнүү, ымсыы үөскэтэр.
    И. Чаҕылҕан
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. эвенк. никаа ‘малыш (при обращении), младший, меньший’

«НЬ» буукуба