Перевод с якутского
ньыла
даҕааһын, аат тыл
Нууччалыы покатый, пологий
English sloping
1 даҕааһын #
Сырыынньа, иҥнэри, туруорута суох
Нууччалыы Покатый, пологий
Суол кытыытынан ньыла халдьаайыларга сир тиэрэллэр, буруонан унаарыспыт солооһуннарга төҥүргэс түөрэллэр. Амма Аччыгыйа Барбахтаатын кытта, ньыла сыырдаах, хомустаах уһун күөлү кыйа улахан суол арҕааттан киирдэ. ХС Булчут биис уустарын -- туос ураһалара туругурбуттар, ньыла толоон тиэргэннэрэ тэнийбиттэр ПНС МБХ
2 аат тыл #
суолт. Туох эмэ иҥнэритэ, сырыынньата
Нууччалыы Покатость, пологость чего-л
Халдьаайы ньылатынан тэмтэрийэн, сүүрдэр сүүрэ турабын. Амма Аччыгыйа Ньылассын, сыһыарыытын араардахпына, ньыла диэнэ хаалар. Бу бэркэ билэр, ис суолтатын өйдүүр тылбыт Багдарыын Сүлбэ
3 этии #
Нууччалыы Стоять на задних лапках перед кем-л.; ломать шапку перед кем-л
Ньыла көт (түс) - бэрт буола сатаан илин-кэлин түс, ньылаҥнаа Ньыла көтөр дьону мин Билээхтиибин кимнээхтэрин: Ити кинилэр эккэлииллэр Дуоһунастаах сэксээлэҕэр. Айталын. Испирдиэҥкэ киитэрэй, биригэдьииригэр араастаан ньыла түһэр, дойдутуттан кэһии бөҕөнү таһар. Э. Соколов Устин Устинович -- үрдүк дуоһунаска үлэлиир кимиэхэ баҕарар ньыла көтө сылдьар "айылҕалаах" киһинэн биллэр. "ХС"