Перевод с якутского
ньылбаан
даҕааһын
Нууччалыы открытый, ровный, гладкий
1 даҕааһын #
даҕ
Бу киэҥ хочо илин өттүн иилии эргийбит ньылбаан сирэйдээх таас хайалар анараа өттүлэринэн саба налыйан барбыт сис тыа улам-улам үрдээн, ыраатан, симэлийэн эрэр буруо ухханын курдук көстөрө. Эрилик Эристиин Сотору Дьолоон үрэх үрдүк ньылбаан сыырыгар бачыгыраабыт Хоһууннаах диэн муокас ааттаах кыракый бөһүөлэккэ чугаһаатылар. Н. Габышев Кини уһун ньылбаан баттахтара сүүһүттэн икки иэдэһинэн үкчү дьахтар былаатыныы намылыһаллар. А. Куприн (тылб.)
2 даҕааһын #
Аһаҕас көстүүлээх; дэхси кылааккай
Нууччалыы Открытый, ровный, гладкий
3 даҕааһын #
Көстөр дьүһүнүнэн кэрэ, ис киирбэх
Нууччалыы Имеющий приятную внешность, привлекательный
Кини ойоҕо Хобороос уһун ньылбаан сирэйдээх, сыыйа таппыт курдук көнө уҥуохтаах, арыы саһыл хааннаах, -- уурбут-туппут курдук нарын үчүгэй буолан, киһи иһигэр киирбэх. А. Софронов Мотуруона - Силип кэргэнэ - ньонтоҕор муруннаах, суптугур сэҥийэлээх, уһун ньылбаан сирэйдээх, үрүҥ-кубаҕай дьахтар. Күннүк Уурастыырап Кыыс оҕолуу нарын, ньылбаан сирэйдээх, уһун, күөкэгэр моонньулаах, -- сытыы харахтаах этэ XC