ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ньылбыс

  • ньылбый 1, 2 диэнтэн холб. туһ. Туматтар, кыыл табаны бултаһар үөр бөрөлөрдүү, тыаһа суох ньылбыһан киирэн чугастааҕы тииттэр кэннилэригэр саспыттара.
    Далан
  • Наһаар, Түүлээх Уллуҥах икки ньылбыһан кэлэн, хайы үйэҕэ тыа саҕатыгар кэтэһэн сыппыттара.
    Суорун Омоллоон
  • - Биэлэйдэрбит тоҕо эрэ олус ньылбыстылар эбээт, -- маннааҕы тойотторбут кутуруктарын быһа кыпчыйбыттара олус!
    Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (1)
  • [Бөрөлөр] иирэнэн күлүктэнэн үөмэн ньылбыһан сылгыларга лаппа чугаһаан, куттал суоҕун биллилэр. Р. Кулаковскай

«НЬ» буукуба