ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ньылыбырат

туохтуур

Нууччалыы делать что-л

1 туохтуур #

дьүһ. туохт

  • Дьон охторбут дьылыкына мастарын сүрдээх имигэстик икки өттүнэн суллаан ньылыбыраталлар.
    А. Фёдоров
  • Көмүлүөк оһоҕо тигинэччи умайар сылаас дьиэҕэ тахсан, араҕас өрөҕөлөөх соболору хатырыктаан ньылыбырата-ньылыбырата алтан олгуйга буһаран билгитэллэрэ
    Н. Кондаков

2 туохтуур #

Олус имигэстик тутан-хабан тугу эмэ түргэнник оҥор

Нууччалыы Делать что-л. своими руками ловко, быстро, умело

3 туохтуур #

Иҥнигэһэ суох имигэстик саҥар

Нууччалыы Говорить быстро без запинки

  • "Биһигини эппиэттэппэт инигит, оҥорбут дьыалаҕытын бэйэҕит тиискитинэн сүөрэ сылдьыаххыт эбээт", - Дороппуун түргэн-түргэнник саҥаран ньылыбыратта
    Айталын

«НЬ» буукуба