ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

нэлбиҥнээ

Нууччалыы ходить, двигаться ленивой, расслабленной походкой (о ком-л

1 #

нэлбий диэнтэн б. тэҥ. көстүү. [Халыадьымар] Дьоруо атын борбуйуттан Ыал ытырыык ыта хапта, Аччык элиэ элэктээн Тула көттө нэлбиҥнээн. И. Гоголев

2 #

Биир тэҥник сэниэтэ суохтук сыһыллан-соһуллан хаамп, хамсан (кылгас атахтаах, уһун түүлээх эбэтэр таҥастаах ким эмэ туһунан)

Нууччалыы Ходить, двигаться ленивой, расслабленной походкой (о ком-л. с короткими ногами, с длинной шерстью или в длинной одежде)

  • Ыт буоллаҕына бөрүкү кыһаллыбата, аахайбатах быһыынан өссө биирдэ "ньах" диэтэ итиэннэ олбуоругар нэлбиҥнии турда. Софр. Данилов. Иччитэ буойбутугар Чаамык [ыт] дьэ ах баран, эмиэ да абарбыт, эмиэ да сааппыт курдук, уулааҕынан-хаардааҕынан кылбар-халбар көрөн кэбиһэ-кэбиһэ, туора хааман нэлбиҥнээбитэ.
    Н. Лугинов
  • Хотуур сүгүүлээх киһи нэлбиҥнээн иһэрин көрөөт, уолаттар кини диэки сырыстылар
    А. Сыромятникова

«Н» буукуба