Перевод с якутского
нэлэгэр
даҕааһын
Нууччалыы неглубокий, с низкими широкими краями (напр
Ис хоһооно · 4
1 даҕааһын #
даҕ
Нэлэгэр тэриэлкэ. Оҕонньорбут улахан, нэлэгэр миискэҕэ балыгын хоторор. С. Никифоров Чоппуусканы маҥнайгы уон хонугар нэлэгэр иһиттэн аһатыллар ЛЕВ ССКИиС
2 даҕааһын #
Намыһах тулалаах, чычаас түгэхтээх (хол., иһити этэргэ)
Нууччалыы Неглубокий, с низкими широкими краями (напр., тарелка)
3 даҕааһын #
Киэҥник нэлэйэн көстөр (үүнээйитэ суох сири-дойдуну этэргэ)
Нууччалыы Без возвышенностей, углублений, плоский, ровный, широкий (о местности)
Нэлэгэр алаас. Нэлэгэр сыһыы. [Чепаловтар] сөмөлүөтүнэн тайҕаны, сис хайалары, нэлэгэр туундараны быһа түһэн, анаммыт сирдэригэр кэлбиттэрэ Н. Габышев
4 даҕааһын #
Киэҥник аһыллыбыт, аһаҕас
Нууччалыы Широко открытый, распахнутый (напр., о двери)
Нэлэгэр аанынан аастыбыт Туох эмэ (хол., сон, ырбаахы) түөһүн өттө аһаҕас, нэлэркэй. Θ Широко открытый в груди, распахнутый, расстегнутый (напр., пальто, рубашка). Киниэхэ туундара оҕотун таҥаһа туох да суох. Москва оҕолорунуу нэлэгэр, тойтоҕор хара цигейка сонноох, -- хап-хара котик бэргэһэлээх. Н. Габышев [Кеша] сотору нэлэгэр саҕалаах кылгас сиэхтээх маҥан ырбаахылаах, өтүүктээх сиэрэй бүрүүкэлээх -- тахсан кэллэ. ХС
Өссө холобурдар (2)
Кини уҥуоҕунан саар тэгилэ, нэлэгэр түөстээҕэ, куппут курдук эттээҕэ-сииннээҕэ. ХС Ср. монг. нэлгэр ‘что-л. широкое, обширный, просторный’