ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

нэрээт

аат тыл

Нууччалыы документ, распоряжение о выполнении какой-л. работы, о выдаче или отправке чего-н., наряд

1 аат тыл #

Тугу эмэ ыларга, ыытарга эбэтэр туох эмэ үлэни толорор туһунан докумуон

Нууччалыы Документ, распоряжение о выполнении какой-л. работы, о выдаче или отправке чего-н., наряд

  • Уйбаан, ити үлэҕэр эбии нэрээт сабыллар ини?
    Э. Соколов
  • Өлөксөөс уонна Суку Ньукулай куораттан киирэн биир от охсор массыынаны ыларга нэрээт суруйтарбыттара
    А. Бэрияк

2 аат тыл #

Байыаннай сулууспалаахтарга ураты үлэни, соругу толорорго анаммыт сорудах

Нууччалыы Воинское задание, поручаемая военнослужащему работа

  • Милииссийэ нэрээтэ. Нэрээккэ турар.
  • Биһиги сааларбыт тыаһыгар нэрээккэ турар байыастар сырсан кэлбиттэрэ.
    Н. Якутскай
  • Байыас Чээрин көҥүлэ суох сааны эспитин иһин биир нэрээти биэрэбин
    Т. Сметанин

«Н» буукуба