Перевод с якутского
нэһилиэстибэ
аат тыл
Нууччалыы наследство, остающееся после смерти какого-л. лица
1 аат тыл #
Ким эмэ өлбүтүн кэннэ атын киһиэхэ хаалар мал-сал, баай-дуол
Нууччалыы Наследство, остающееся после смерти какого-л. лица
Күтүөтэ Мэхээлэ аҕа кыннын нэһилиэстибэтин ыла охсоору, оҕонньор өлөрүн кэтэһэрэ. Н. Якутскай Үгэс быһыытынан, ыал улахан уолугар нэһилиэстибэ баайыттан, малыттан улахан ирээт, оттон кыра уолга кыра ирээт тиксэрэ ХС
2 аат тыл #
Култуура, олох-дьаһах сайдыытыгар уруккуттан ордон кэлбит улахан суолталаах, туһалаах туох эмэ
Нууччалыы Наследие
Кини литературнай айар үлэҕэ уопуттаах, дириҥ билиилээх, үрдүк култууралаах тылбаасчыт быһыытынан баай нэһилиэстибэни хаалларбыта. Күн Дьирибинэ. Аны кини [Амма Аччыгыйа] биһиги литературабыт эмиэ биир тутаах боппуруоһугар - литературнай нэһилиэстибэни үөрэтии, сыаналааһын, туһаныы боппуруоһугар - хайдах сыһыаннаспытын көрөрбүт хаалла СГС СЛКСБ