ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

оботтоох

даҕааһын

Нууччалыы ненасытный, алчный

Ис хоһооно · 4

1 даҕааһын #

даҕ

  • Дьон оботтоох баҕа санаатын муҥур уһуга көстүбэт. "Кыым". Саранча аһара оботтоох. ББЕ З

2 даҕааһын #

Аһара иҥсэлээх, туохха да топпот

Нууччалыы Ненасытный, алчный

3 даҕааһын #

Дьулаан, оннук көрүҥнээх

Нууччалыы Грозный, страшный, с таким видом

  • Удаҕан оботтоох сүллүгэһэ Хоолдьугунан тосту ыстанан Тулламай угун эрэ Тутан хаалла.
    П. Ядрихинскай
  • Оботтоох аһыыларын килэҥнэтэн, тиистэрин лаһырҕаппахтаабыт.
    Болот Боотур
  • Намыын [киһи аата] маһы хаамтарбат эрэ уус буолан, сүгэтэ сытыы, оботтоох
    Ф. Постников

4 даҕааһын #

Бэйэтигэр тардар күүстээх (хол., киһи хараҕын эҥин этэргэ)

Нууччалыы Притягивающий к себе, манящий, соблазнительный, страстный (напр., о взгляде и т. п.)

  • Араарбакка одуулаһар, сиилиир-хоһулуур оботтоох харахтары [Ньургууна] көрүөн дьулайар.
    А. Софронов
  • Өлөөнө түүн эр киһи оботтоох уурааһыныгар махталлаахтык хардаран, Солтуохабы кууспаҕалаабыта
    П. Аввакумов

«О» буукуба