ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ойом-сойом

сыһыат, даҕааһын

Нууччалыы нестройно, неслаженно (напр., петь), неровно

1 сыһыат #

Тэҥэ суохтук, ыһыллаҕастык

Нууччалыы Нестройно, неслаженно (напр., петь), неровно (напр., стричь)

  • Иччигит кэлэрин кытта эмиэ элэҥ-сэлэҥ үҥкүүлээбитинэн, ойом-сойом оонньообутунан барыаххыт.
    Суорун Омоллоон
  • Намыһах ыарҕанан ойом-сойом бүрүллүбүт толооннор эрэ бааллар.
    Н. Якутскай
  • Уол атах сыгынньах, баттаҕа ойом-сойом кырыллыбыт
    ХС
Өссө холобурдар (2)
  • Быһа тардан, онон-манан. Θ Урывками, местами, кое-где. Барытын ааҕарга соло тиийбэт, ойом-сойом ааҕыах.
    Р. Баҕатаайыскай
  • Сайсарыга ойом-сойом да буоллар, таас дьиэни тутуу саҕаланна
    Саха с

2 даҕааһын #

суолт. Сэдэх, аҕыйах

Нууччалыы Редкий, единичный

  • Тураах, анды үөрэ ойом-сойом да буоллар, кыра-кыра бөлөҕүнэн кэлэр.
    С. Тумат
  • Ол анараа өттүн көрдөххө Ойом-сойом туораахтаах Уоку-суоку мутуктаах Уодалы хара тииттэр Унааран киирэн бара турдулар
    Д. Говоров

«О» буукуба