ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

олоҥхо

аат тыл

Нууччалыы олонхо (якутский героический эпос

English an olonkho

1 аат тыл #

Бухатыырдар геройдуу сырыыларын тустарынан норуот улахан эпическэй поэмаларын уопсай ааттара, саха омук героическай эпоһа (кэпсиир, ойуулуур өттүн түргэнник лабыгыраччы саҥаран, оттон геройдар саҥаларын араас куолаһынан ыллаан толоруллар)

Нууччалыы Олонхо (якутский героический эпос

  • Описательная часть исполняется речитативом, а монологи героев олонхо - пением). Мифология айбыт кэрэ-үтүө уобарастарын, сырдык ыратын, эриэккэс дьикти киэҥ фантазиялаах поэзиятын олоҥхо ылбыта.
    Саха фольк
  • Саллар саас тухары олоххо Саханы үрдэтиэ олоҥхо; Кэс тылбыт кэскилин көрдөрүө, Кэхтибэт кэрэтин сөхтөрүө.
    Күннүк Уурастыырап
  • Олоҥхо диэнинэн бухатыырдар геройдуу охсуһууларын хоһуйан көрдөрөр эпическэй айымньылар ааттаналлар
    Суорун Омоллоон

2 этии #

Олоҥхо олоҕо - баай, байылыат олох Олоҥхо олоҕор олорбуппут. Ырыалаах олоҥхо - туох эмэ бытааннык буолара, оҥоһуллара. То, что не скоро может быть сделано, рассказано (букв. олонхо с песней). Оттон хааһыҥ көтөрө диэн ырыалаах олоҥхо буоллаҕа. Көтүөр диэри сир ыла түһээри, оннооҕор сүүрэн киирэр ааттаахтар. М. Чооруоһап

Нууччалыы Очень богатая, изобильная жизнь

3 этии #

Нууччалыы Мир олонхо

  • Олоҥхо дойдута - 1) олоҥхоҕо хоһуйуллар айыы дьоно олорор сирдэрэ, дойдулара Олоҥхо дойдута угуйа умсугутара, Ангел диэн дьоннордоох, ас буолар салгыннаах Араай диэн сири былыр санатара. П. Тобуруокап; 2) Саха сирэ. Θ Якутская земля. Эмиэ мин түүлбэр көһүннэ, Оһуордаах олоҥхо дойдута: Кубалаах көлүкэ иэнэ, Кыталык ыллыыр сыһыыта, Сир ийэ сиэдэрэй симэҕэ.
    С. Данилов
  • Киирбэт күннээх, кэрээбэт кэҕэлээх олоҥхо дойдута угуйа умсугутара.
    П. Тобуруокап
  • Ср. кирг. өлөҥ ‘четверостишие, песня, стих’, бур. онтохон ‘сказ, сказка’

«О» буукуба