ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

омурт

аат тыл, туохтуур

Нууччалыы набирать в рот какую-л. жидкость

English cavity of the mouth

Ис хоһооно · 7
I

1 туохтуур #

Тугу эмэ (сүнньүнэн убаҕаһы) айаххар толору оборон ыл

Нууччалыы Набирать в рот какую-л. жидкость

  • Омуртах аайы толоро туруҥ -- Хаһата харса суох анньыҥ, Хатыыста харса суох кыһыҥ, Утахта тохтоло суох булуҥ!
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • Уол ыстакаантан ууну омурдан ылан айаҕын сайҕанна.
    Н. Лугинов
  • Сииктээх сэбирдэх лабааны Илиим таһынан арыйдым. Хойуу сөрүүн салгыны Сүөгэй курдук омуртум
    С. Васильев

2 этии #

Нууччалыы соотв. словно в рот воды набрал

  • Ууну (омурдубуттуу) омурдубут курдук - саҥата суох (ууну омурдан баран турар киһи курдук) Маннык ууну омурдубуттуу саҥата суох турар табыгаһа суох буолсу. Оттон тугу кэпсиэҥий?
    Н. Лугинов
  • Маппый урут үгүөрүтүк бултуйдаҕына тылга тииһэр бэйэтэ, ууну омурдубуттуу ньимилийбитэ.
    П. Аввакумов
  • Өксүөн кэнниттэн мунньах дьоно ууну омурдубут курдук буолан хааллылар.
    У. Нуолур
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. др. -тюрк. сөмүр ‘глотать’
II

3 аат тыл #

Киһи-сүөһү иэдэһин аллараа өттүн сымнаҕас этэ, тугу эмэни уоптахха күлтэйэн тахсар өттө

Нууччалыы Часть щеки, выступающая при наполнении полости рта жидкостью

  • Оҕонньор хапсыччы таппыт омурдун этэ эйэҥэлии-эйэҥэлии ытаан барда.
    Эрилик Эристиин
  • Ийэлэрин икки омурдун этэ, уус күөрдүн курдук, үллэн тахса-тахса хапсыҥныыр
    М. Доҕордуурап

4 аат тыл #

Киһи-сүөһү, кыыл иэдэһин аллараа өттүнээҕи күлтэҥниир сымнаҕас этин уонна тиис икки арда

Нууччалыы Внутренняя часть щеки

  • Моҕотойдор биһиги бурдукпут куолаһын быһа кэрбээн сиргэ түһэрэллэр уонна сиэмэлэрин кылыттан арааран, омуртарыгар хааланан, тыаҕа хороонноругар таһаллар.
    Н. Якутскай
  • Бурдук үүммүт буолагын Орох тэбэн тэпсээччи, Буспут оруос туорааҕын Омурдун муҥунан симээччи.
    Болот Боотур
  • Эбиэт саҕана биир тииҥ омурдугар тэллэйи ыга симинэн баран, уйатын таһыгар утуктуу олороругар сыба хааман тиийдим
    Я. Семёнов

5 аат тыл #

Биирдэ омурдан ыларга сөптөөх уу (убаҕас)

Нууччалыы Количество жидкости, помещающееся во рту, глоток (часто употр. для обозначения малого количества какой-л. жидкости)

  • Сир анныттан фонтанныы тэбэ турар минеральнай источнигы көрөн, биирдии омурт ууну истибит
    ХС

6 этии #

Нууччалыы Уплетать за обе щёки

Этиилэр

Омурдун абырахтыыр көр абырахтаа

  • Ону сорохтор буоллаҕына көннөрөн, кини омуннаабат, көннөрү омурдун эрэ абырахтыырын таптыыр дииллэр.
    Н. Заболоцкай
  • Эн омурдугун абырахтаммыккын мин билэбиэн? - диэт оҕонньор оннугар олорон, бытыгын хоруммутунан барда.
    М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (1)
  • Омурдун муҥунан уоп - иҥсэлээхтик улахан-улаханнык уобан аһаа Омурдун муҥунан уоба олордо

7 этии #

Омурт куолаҕа - иэдэс этин уонна тиис икки ардыгар баар ас хаһаанар хаа арда (хол., моҕотойго, көтөрдөргө) Ынах омурда бот. - от көрүҥүн аата. Молодило (разновидность травы). Сүөһү иитиитэ сүрүн дьарыктаах дьон тулалаан турар эйгэни тыынар тыыннаахха сыһыаран, сүөһүнэн, кыылынан уобарастаан, олорго маарынната көрөн өйдүүллэр. Дьэ сити иһин биһиэхэ бааллар: баттах от, бөрө атаҕа, -- ынах омурда, ыт тыла. Өссө да элбэх. Багдарыын Сүлбэ. Ср. туркм. овурт ‘рот, полость рта; глоток’, бараб. аурт ‘защечный мешок’

Нууччалыы Прищечные мешки (у животных, птиц)

«О» буукуба