Перевод с якутского
онолуй
туохтуур
Нууччалыы выть, завывать, подвывать
Ис хоһооно · 4
1 туохтуур #
Улуй, уһуннук эҥээритэн улуй (бөрө, ыт туһунан этэргэ)
Нууччалыы Выть, завывать, подвывать (о волке и собаке)
Кырбый [ыт аата] төбөтүн халлаан диэки ньолоччу туттан олорон, уларыйан хаалбыт куолаһынан улуйан онолуйда.
Н. ЛугиновБөрө ойуур саҕатыгар тахсан, ыйы одуулуу олорон, уһуннук улуйан онолуйбута. Р. Кулаковскай Онтон аны ампаар кэннигэр сыппыт улахан ыттара улуйан онолуйан киирэн барбыта В. Яковлев
2 туохтуур #
Уһуннук эҥсиилээхтик ытаа (оҕо туһунан этэргэ)
Нууччалыы Долго и горько плакать, плакать в голос, рыдать
Марба оҕото онолуйа-онолуйа ытыыр
Күндэ
3 туохтуур #
Улаханнык эҥээриччи тардан саҥар
Нууччалыы Говорить громко и протяжно
Илэ бэйэҕинэн, чахчы дьүһүҥҥүнэн көһүн, киһилии кэпсиэ, сахалыы саҥар, урааҥхайдыы онолуй! Ньургун Боотур. Урааҥхайдыы онолуйда, Сахалыы дьалыһыйда, Айыы дьөһүөлдьүт ойууннуу Алҕаан аҥааттан киирэн барда.
Өксөкүлээх ӨлөксөйАраҕастыйбыт астаах Аарыма кырдьаҕастарым -- Уһуйан кэбиспиттэрин -- Онолуйа туойдаҕым
П. Ойуунускай
4 туохтуур #
Тохтобула суох мөх, үөх (үрүҥ хараҕы өрө көрдөрбөт гына)
Нууччалыы Беспрестанно ругать, бранить, кричать на кого-л
Оҕолорун онолуйан-онолуйан Буомурдан кэбиспит, Ыалларын ыыстаан-ыыстаан Ыксаласпат гыммыт.
Өксөкүлээх ӨлөксөйСр. кирг. онтоло ‘кряхтеть, стонать, тихо блеять’