ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ооҕуй

аат тыл

Нууччалыы паук.

English spider

1 аат тыл #

Сүһүөх атахтаах ситим хатар үөн

Нууччалыы Паук. Хатырыктарын арыйталаан көрбүтэ сир араас үөннэрэ: хомурдуостар уонна ооҕуйдар хас хатырыгын аннын аайы туолбут этилэр. М. Доҕордуурап. Эриэн кыыл, хомурдуос, ооҕуй, сахсырҕа куһаҕаны дьүһүннүүргэ туттуллаллар. КНЗ СПДьНь

2 этии #

Нууччалыы Богач-кровопийца

Этиилэр

Ооҕуй илимин үт (тарт)

кими эмэ угаайыгар, албаскар киллэрээри гын, кими эмэ тугу эмэ гыныахтааҕын араас ньыманан мэһэйдээ.

Хитростями, уловками стараться помешать кому-л., расставлять сети кому-л.

  • Улусова, утарсааччыта суоҕар сири аннынан ооҕуй илимин тардаары [Ыларов куоракка барарын] улгумнук көҥүллээтэ.
    Р. Баҕатаайыскай
  • Олоро-сыта өр сынаҕалаан, Устар ууну сомоҕолоон, Ооҕуй илимин үттэ, Онно Охоноон иҥнэрин күүттэ. С. Васильев

3 этии #

Ооҕуй илимэ - ооҕуй оҕус иһиттэн таһааран үөннэри-көйүүрдэри тутар ситимэ

Нууччалыы Паутина. Халлаан көҕөрө мэндээрэн ооҕуй илимэ да ибир гыммат чуумпута турбута. Софр. Данилов. Ооҕуй ситимнэрэ тииттэн тииккэ тардыллыбыт көмүс антыанналыы биэтэҥкэһэллэр. Далан. Ооҕуй оҕус көр ооҕуй. Ооҕуй оҕус ситимин хаппыт. Ооҕуй оҕус илимигэр сахсырҕа бөҕө иҥнибит. Ср. бур. аагай, абаахай ‘паук’

«О» буукуба