Перевод с якутского
ордоо
аат тыл
Нууччалыы зычный крик, ор
1 аат тыл #
Сөҥ, дорҕоонноох хаһыы
Нууччалыы Зычный крик, ор
Сур бөрө суодайар, Кычыйар таба кылыйар, Улаан муойка оҥторор, Дорҕоонноох саҥалаах Тойон киһи ордоото Тоҕус буолан доргуйар Тоҥ хайа буодьулаах. С. Зверев Кылыс кыыс кылыкын Күлүүтэ-саҥата... Омун уол ордоотун Дуорааннаах сатата В. Миронов
2 этии #
Кулан ордоо - сөҥ дорҕоонноох (хаһыы туһунан этэргэ) Өксөкүлээх Өлөксөй. Ордоо халлаан фольк. - үрдүк, дорҕоонноох дуорааннаах халлаан. Гулкое высокое небо. Тоҕус ордоо добун халлаан тойотторо, Онолҕонноох тойукпутун Умсары тускулаамаҥ даа! Өксөкүлээх Өлөксөй. Ордоо-дугуй - күүстээх-уохтаах, эрчимнээх, лиһигирэс (уолаттар). Молодые энергичные, сильные (люди). Уҥа диэки өттүгүтүгэр Субан туруйа курдук Ордоо-дугуй Уолаттарда уктунаарыҥ. Өксөкүлээх Өлөксөй
Нууччалыы Зычный (о крике). [Муустаах муора] Өлүөнэҕэ Ордоо кулан куолаһынан, Сөҥ күөрэһин күөмэйинэн, Ыар ньаҥсаа тылынан саҥаран аныһыйда