ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

оскуонньа

аат тыл

Нууччалыы сходни.

1 аат тыл #

, кэпс

2 аат тыл #

Борохуокка, тутууга түһэр-тахсар кэтит хаптаһын далаһа

Нууччалыы Сходни. Киэһэлик үлэ бүппүтүгэр Витя оскуонньа устун түһэн истэ. Софр. Данилов. [Реваз] Сарсыныгар катерыгар киирээри, синньигэс оскуонньаҕа биэтэҥнии турдаҕына, оҕо хаһыыта иһиллибитэ. Н. Габышев. Муора пассажирскай лайнерыгар майгынныыр хараабылга биэрэктэн кэтит оскуонньа устун хааман киирэбит. "Кыым"

3 аат тыл #

Тутулла турар эбэтэр өрөмүөннэнэ турар дьиэ эркиннэрин тула тутуллар далаһа мастар

Нууччалыы Леса (временное сооружение из досок или металлических трубок, наподобие лестницы, устанавливаемое вдоль стен здания для ремонтных или строительных работ)

  • Кырыыһа сабыллыытыгар сылдьан оһолломмутум, үөһээҥҥи оскуонньаттан суулламмын. "Чолбон". Оскуонньа устун оппуоханан ыһыллыбыт үлэһиттэр, кымырдаҕас курдук элэҥнэһэ сылдьаллар.
    Л. Толстой
  • Оскуонньа, кирилиэс Кинини сабардыыр, Уота суох, тыына суох Саҥа дьиэ тураахтыыр. М. Джалиль (тылб.)

«О» буукуба