ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

отон

аат тыл

Нууччалыы ягода.

English berry

1 аат тыл #

От эбэтэр сэппэрээк укка үүнэр симэһиннээх кыра сир аһа

Нууччалыы Ягода. Отоннооҕор оччугуй, оҕустааҕар күүстээх баар үһү (тааб.: буулдьа). Бу курдук сибэкки нарынын Минньигэс отоно солбуйар, Төрөөбүт лабаатын, умнаһын Ситэрэн киэргэтэр, тупсарар. П. Тобуруокап

2 аат тыл #

Култуурунай үүнээйи, саад отоно

Нууччалыы Фрукты. Чуумпу Дон саадтарын отоно Дьокуускай куоракка тарҕанна. Күннүк Уурастыырап. Ол иһин биһиги Кавказ Отонун уулаан утахпытын ханнарбыт, Днепр өрүскэ сөтүөлээн Сөрүүкээбит эбиппит. Суорун Омоллоон

3 этии #

Нууччалыы Толокнянка

  • Уҥуохтаах отон - мэлдьи күөх укка үүнэр, ортотугар улахан уҥуохтаах отон Сорох ардыгар былырыыҥҥы уҥуохтаах отону батыһан, умнан кэбиһэн, аргыспыт суолунан төһө эмэ иннибитигэр киирбитин кэннэ өйдөнөн, эккирэтэн -- чэйин иһэ олордоҕуна ситэбит.
    Амма Аччыгыйа
  • Уҥуохтаах отон угунан саба үүммүт үчүгэйкээн кырдал үрдүгэр тохтообуппут.
    Г. Угаров
  • Уулаах отон - мэлдьи күөх укка үүнэр кыһыллыҥы өҥнөөх, үчүгэйдик бустаҕына, уутуйар отон. Θ Брусника. Уулаах отон уутунан суруйа соппут курдук Уурбут-туппут уостаах.
    П. Ойуунускай
Өссө холобурдар (1)
  • Отоннуҥу үүнээйилэр - морошка, сугун, уулаах отон - олус элбэхтик үүнэллэр.
    СПН СЧГ

«О» буукуба