Перевод с якутского
оҕуруот
аат тыл
Нууччалыы огород.
English vegetable garden
1 аат тыл #
Оҕуруот аһын олордор сир (кирээккэ, тэпилииссэ), оннук хаһаайыстыба
Нууччалыы Огород. Сорох оҕуруот үлэтигэр барар, сорох тыаҕа тахсар, онно дөлүһүөн хомуйар. Н. Заболоцкай. [Варя Чокуурапка:] Үлэҕэ араас тиэхиньикэни туттан, үрдүк үүнүүнү ылыаҥ, бурдук, оҕуруот сирин кэҥэтиэҥ. С. Ефремов. Оҕолор оҕуруокка кимтэн да итэҕэһэ суох уу кутуохтарын, сыыс от үргүөхтэрин, үүнүүнү хомуйуохтарын сөп. Дьиэ к
2 аат тыл #
Олбуор, бүтэй
Нууччалыы Огороженный участок земли вокруг жилища; забор, изгородь
Эргэ, тордоҕура хараарбыт бабаарына дьиэ аан диэки өттө көстөр, тоһоҕо күрүө оҕуруоттаах.
П. ОйуунускайБалаҕан иннигэр сылбах оҕуруот иһигэр үс-түөрт сыарҕа от бугулланан турар.
КүндэОстуолбалыы бүтэйдээх Оҕуруоппут иһигэр Унаар түптэ күөдьүйдэ С. Васильев
3 этии #
Оҕуруот аһа - кирээккэҕэ, тэпилииссэҕэ сылаас кэмҥэ олордуллар сиэнэр үүнээйилэр: оҕурсу, помидор, моркуоп о. д. а
Нууччалыы Овощи. Оҕуруоттарын аһа улаатан туругурда, Сиэмэлэрэ ситэн сириэдийдэ! Саха нар. ыр. III. Ыраастаан, чэбдигирдэн баран, үтүө ходуһаны таһаар, бурдугу, оҕуруот аһын үүннэрэн үллүктээ. Амма Аччыгыйа. Биһиги оҕо эрдэхпитинэ хас саас аайы манна тахсан олорор, оҕуруот аһа олордор, оттуур буоларбыт. А. Бэрияк