ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

оһол

аат тыл

Нууччалыы несчастный случай; увечье, травма

1 аат тыл #

Алҕаска, дэҥҥэ эчэйии, өлүү

Нууччалыы Несчастный случай; увечье, травма (при несчастном случае)

  • Чугастан оһолго тиийэ чугаһы чуҥнуу сатыыбын.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • Киһиэхэ күҥҥэ түөрт уон түөрт оһол сыстар.
    А. Софронов
  • Үөһээ дойдуттан Үргүөр үргүйбэтин, Аллараа дойдуттан Аргыар аргыйбатын, Орто дойдуттан Оһол таарыйбатын
    П. Ойуунускай

2 этии #

Нууччалыы К несчастью (напр., травма)

  • Оһол быатыгар - туох эмэ куһаҕан (хол., эчэйии) буоларыгар төрүөт буолуу Оһол быатыгар тартаран бардаҕа. Оһолго түбэспит - саахалламмыт, дэҥнэммит. Θ Попал в аварию (автомобильную), получил травму. Хайдах күн тура-тура оһолго түбэһэн иһэбин.
    ХС
  • Оһол уола миф. - саха былыргы итэҕэлинэн, өс-саас, кыргыс, өлөрсүү таҥарата. Θ По древним якутским поверьям, божество брани, раздора, битв. Оһол уола уруйдаата, Илбис кыыһа иэхэйдээтэ.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • Оһол уола Оп-соллоҥ, Обот мэнэгэй, Уот Солуонньай обургу, Уйусхах былытын олбохтонон Уһуутаан уйуһуйан эрэр эбит.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
Өссө холобурдар (2)
  • Оһол уола убайыҥ Оройгор-ойоҕоскор Онолуйа туойдун!
    П. Ойуунускай
  • Ср. тюрк. усал, осол ‘небрежный, нерадивый; скверный, дурной’, монг. осол ‘небрежность, неосторожность; несчастный случай’

«О» буукуба