ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

саах

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы испражнения человека, животных, кал, помёт

English feces

Ис хоһооно · 6

1 аат тыл #

Киһи-сүөһү тахсан киирбит хойуута, куһаҕаннаабыта

Нууччалыы Испражнения человека, животных, кал, помёт

  • Оҕо сааҕа. Куобах сааҕа. Таракаан сааҕа.
  • [Ортуур] сылгы сааҕын ыраах тэбиэлээн төкүнүтэ-төкүнүтэ, дьиэтин диэки бэдьэйэ сиэлэн хаамта
    П. Аввакумов
  • Ынах сүөһү хойуута. Θ Коровий помёт, навоз. Хотон сааҕын ыраастаа.
Өссө холобурдар (2)
  • Саахха биһиллибэккэ үөскээбит чыычаах оҕото [кыыс], биһиги курдук буолуо дуо?
    М. Доҕордуурап
  • Кураанахтаммыт сыарҕаларга саахтарын тиэйэн таһаартаатылар
    В. Яковлев

2 аат тыл #

Сорох үөн-көйүүр сымыыта

Нууччалыы Яйца некоторых насекомых (напр., гниды, комнатной мухи)

  • Быт сааҕа. Сахсырҕа сааҕа
  • Саах балбаах.
  • Саах сыбахтаах хотонноох балаҕаҥҥа Баһыыкка оҕонньор -- олорор
    Бэс Дьарааһын

3 аат тыл #

Туохха эмэ (хол., саа уоһугар, хамсаҕа) кир олоруута, мустуута

Нууччалыы Скопление грязи на чём-л. (напр., пороховая гарь в стволе ружья или зубной камень)

  • Саа иһин сааҕа. Киһи тииһин сааҕа. Хамса сааҕа

4 даҕааһын #

суолт. Сүөһү сааҕынан оҥоһуллубут

Нууччалыы Сделанный из навоза

5 этии #

Нууччалыы Скупой невероятно, сквалыга

  • Сааҕын (саба) хаппахтыыр кэпс. - кэрээнэ суох кэччэгэй Сааҕын саба хаппахтыыр баҕайы (өс ном.). (Тугунан эмэ) сааҕа сонуур үөхс. - тугу эмэ тирэх оҥостон, туһанан улаатар, киһи буолар. Θ Вырасти, стать на ноги. Мин бэлэммэр сааҕа сонуу-сонуу дибдигириир буоллаҕына, хайа сатаан да ыал буолан олоруохпут суох дии.
    А. Софронов
  • тииһиҥ сааҕын суунума көр миигинэн. Төһө да быыпсай буолларгын миигинэн тииһиҥ сааҕын сууйума.
    Болот Боотур
  • Оттон таах тииһиҥ сааҕын сууйан ыйыппат, истээри сүбэлэтэр буоллаххына, сүбэлиэм даҕаны.
    Суорун Омоллоон
Өссө холобурдар (3)
  • саах үөнэ сэнээн. - киһини эдэринэн сэнээн, үөҕэн этии. Θ Оскорбительное выражение по отношению к молодому: молокосос, сопляк. Бу хара ыттар, бу бэҕэһээҥҥи саах үөннэрэ, бу муҥнаан-сордоон эрдэхтэрин көрүҥ эрэ!
    Күндэ
  • Эн баҕас тугу билээхтиэххиний? Өлөр алдьархайа диэни оройдооботох саах үөнэ буоллаҕыҥ дии!
    ХС
  • Саах курдук итирбит кэпс. - букатын кыаммат буола итирбит. Θ Вдребезги напиться. Үрүҥ арыгы аһара элбэх ууруллубут буолан, ыаллара эттэрин тартаран: "Саах курдук итирэллэрэ буолуо", - диэбиттэр. УФГ ӨТАҮТ. Сааххын булкуйар буола кэпс. - өйгүн букатын сүтэрэ, үрүҥү-хараны кыайан араарбат буола (итир, түөһэй). Θ До полной невменяемости (напиться, впасть в маразм). Сааҕын булкуйар буола итирбит

6 этии #

Нууччалыы Тот, кто выгребает навоз (из хлева)

  • Саах күрдьээччи - хотоҥҥо сүөһү сааҕын ыраастааччы, хотон ыраастааччы Саахта күрт кэпс. - хотоҥҥо сүөһү сааҕын ыраастаа, хотону ыраастаа. Θ Выгребать навоз из хлева, чистить скотское помещение. Талкы оҕонньор дьиэтигэр суос-соҕотох олорор, кыһыныгар сааҕын бэйэтэ күрдьэр.
    Күндэ
  • Саах хомурдуоһа - сүөһү сааҕынан аһылыктанан үөскүүр хомурдуос. Θ Жук навозный, навозник. Тимир сааҕа - тимир рудатыттан тимири уһааран ыларга хаалар тобох. Θ Побочный продукт, получающийся при выплавке железа из железной руды, шлак. Хотон сааҕа кэпс. - хотоҥҥо баар сүөһү сааҕа-иигэ; сүөһү сааҕа. Θ Нечистоты в хлеву; навоз. Ол Баай Байбал уолугар ойох таҕыстар эрэ, хата, Баай Байбалга хамначчыт буолан, хотон сааҕын хоруйуох этэ.
    П. Ойуунускай
  • Ср. др. -тюрк. саҥ ‘птичий помёт’, кирг., перс. заҥ ‘кал’

«С» буукуба