ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сайдыы

аат тыл

Нууччалыы развитие, прогресс

1 аат тыл #

Туох эмэ үөскээн, улам салгыы үүнэн уларыйан, тупсан иһиитэ

Нууччалыы Развитие, прогресс

  • Үөскэх сайдыыта. Харамай сайдыыта. Уопсастыба сайдыыта. Тыл сайдыытын сокуоннара.
  • М. А. Шолохов килбиэннээх айымньылара, -- бүтүн киһи аймах уус-уран сайдыытыгар саҥа кэрдиис кэми арыйдылар. Софр. Данилов. Табаарыстаар, биһиэхэ сорукпут биир. Иннибит диэки саҥа сырдык суолунан сайдыы.
    М. Доҕордуурап
  • Ол тас уларыйыылар үүнээйи сайдыытын фазата диэн ааттаналлар.
    КВА Б

2 аат тыл #

Туох эмэ үүнэн уларыйыытын, тупсуутун таһыма

Нууччалыы Уровень развития

  • Билигин тиэхиньикэ сайдыыта үрдүк.
  • Мунньахпыт итинтэн сылтаан уруккуну билиҥҥи сайдыыга тэҥнээн көрөн бэртээхэй кэпсэтиинэн түмүктэммитэ.
    Н. Лугинов
  • Тылга терминология сайдыыта, олоҕуруута наука, тиэхиньикэ, култуура, ускуустуба сайдыыларыттан тутулуктаах
    АПС СТЛ
Өссө холобурдар (2)
  • Киһи үөрэнэн билиилэнэн-көрүүлэнэн, өйүнэн-санаатынан, дьоҕурунан төһө үүммүтэ. Θ Уровень сознания и умственных способностей человека, достигнутый образованием, развитие. Билиҥҥи ыччат сайдыыта улахан.
  • А. И. Софронов, өлбүтүн кэннэ бэчээттэммит хоһоонноруттан көрдөххө, кини бэйэтин сайдыытын наһаа намыһаҕынан, айар үлэтин олус мөлтөҕүнэн ааҕынан муҥатыйар эбит
    Амма Аччыгыйа

«С» буукуба