Перевод с якутского
саккыраа
туохтуур
Нууччалыы литься, течь сверху струйками, струиться, капать (напр., о воде); сыпаться сверху
Ис хоһооно · 4
1 туохтуур #
Үөһэттэн ыһыллан тоҕун (хол., буор бытархайа); күүскэ таммалаа (хол., уу)
Нууччалыы Литься, течь сверху струйками, струиться, капать (напр., о воде); сыпаться сверху (напр., об осколках снаряда)
Хараҕын уута саккырыыр. Эриэн кыылым эриллэн сыттаҕына, -- модун санаалаах мохсоҕол кыылым халлаан оройуттан, хайдыбыт түөһүттэн хаана саккыраан, хаһыытаан түстэ.
П. ОйуунускайХайа хараҥа хонноҕор үөһэттэн уу саккыраан суурайбыт истиэнэ курдук туруору тааһыгар тиийэн кэтиллэ түстэ. Н. Якутскай
Өссө холобурдар (2)
Кини били хамбаайынтан саккыраабыт туораах бурдугу миэлиҥсэ тааһыгар кутан биэрдэ.
Суорун ОмоллоонӨстөөх сытар сирин хара күдэн сапта, буор-сыыс, от-мас өрө ытыллан тахсар, төттөрү саккырыыр Т. Сметанин
2 туохтуур #
Туох эмэ быыһынан, тэһэҕэһинэн тоҕун
Нууччалыы Просочиться, просыпаться откуда-л. сквозь что-л. (напр., сквозь решето)
Ньырбачаан -- дьараҕа мустар быыкайкаан балык ыамаларын тута сатыыра да, уон тарбаҕын быыһынан саккырыыллара. Далан [Куйууру] ньамаҕа барыта саккырыар диэри сахсыйаҕын ПАЕ ЭАБ Киһибит бу саккыраан тиийэн кэллэ. Ср. уйг. шакири, орд. сархира ‘течь, литься’
3 туохтуур #
поэт. Тык, тыган кутулун (хол., күн уотун, саһарҕаны этэргэ)
Нууччалыы Литься, струиться (напр., о лучах солнца)
Көмнөхтөөх тииттэри быыһынан Сардаҥа сүүмэхтэрэ саккырыыллар, Көмүс устурууналар сыыйыллан Лыҥкынаһа тыаһаан бараллар. М. Ефимов Саккырыыр сардаҥа Саһарҕа кыымынан Доҕорум аатыгар Бирибиэт атаардым П. Тулааһынап
4 туохтуур #
дьүһ. туохт. Сыһыллыбыт-соһуллубут, аанньа кыаммат дьүһүннээх буол
Нууччалыы Иметь несобранный, расхлябанный, беспомощный вид