ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

санан

Нууччалыы намереваться уничтожить кого-л. физически

Нууччалыы Намереваться уничтожить кого-л. физически

  • санаа I диэнтэн бэй., атын. туһ. Ити билигин санаммыт санаалар төрүттээх курдуктар.
  • Сайсары диэн дойдуга Дыгын тойон диэн киһи сахаҕа ыраахтааҕы курдук сананан олорбута үһү.
    Саха фольк
  • Абааһы аймаҕын кыайдыбыт дии сананан, үһүө мустан тахсан, эмиэ арҕаа диэки баран иһэллэр.
    Суорун Омоллоон
Өссө холобурдар (8)
  • Кырдьык, саамай дьоллоох олоххо олорор курдук сананарым.
    С. Ефремов
  • Аҕам аатын уонна араспаанньатын сатаан илии баттаан адаарытар буоллум -- улахан үөрэхтээх киһи курдук сананным. А. Бэрияк
  • санаалан 3 диэн курдук. [Симон] дьиэбэр тиийээт, ийэбин кытта быһаарыстахпына сатанар диэн булгуччулаахтык сананна.
    Л. Попов
  • Быйыл эйиэхэ барарга сананным. Дьүөгэ Ааныстыырап. Кини кырдьаҕас булчут сананан олорор сиригэр барара табыллыбат ээ.
    С. Никифоров
  • Билигин биһиги дьоммут халлааҥҥа ханнык даҕаны көтөр сананан көрбөтөх үрдүгэр кыырайа көтөллөр.
    Н. Габышев
  • // Киһини эбэтэр тугу эмэ суох гынарга, өлөрөргө сорун
  • Биһиги сырдык тыыммытыгар сананан, хааннаах илиитин көтөхпүт өһөгөйдөөх өйдөөх Москваҕа киирээри -- сирэйэ-хараҕа суох иннин диэки дьулуһара.
    А. Бэрияк
  • Онон кини [эһэ] сылгыга да, ынахха да боотурҕаабат этэ. Эгэ, киһиэхэ сананыа дуо?
    И. Федосеев

«С» буукуба