Перевод с якутского
сарт
аат тыл
Нууччалыы хищная птица из семейства ястребиных, похожая на коршуна, но меньшая по размерам; канюк, сарыч
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Элиэҕэ майгынныыр эрээри арыый кыра, тыҥырахтаах сиэмэх көтөр
Нууччалыы Хищная птица из семейства ястребиных, похожая на коршуна, но меньшая по размерам; канюк, сарыч
Туораабыты тураах сиир, салыйбыты сарт сиир (өс ном.). Үгүс сиэмэхтэр тыыннаах харамайдары бултаһаллар: мохсоҕоллор, хотойдор, сартар, кыыртар, кутуйахсыттар уо. д. а. ББЕ З
2 этии #
Сарт кутуруга бот. - от арааһа Сарт кутуруга буол - күһүн буолан, хагдарыйан саһархай дьүһүннэн (күһүн от-мас бастакы саһарыытын этиллэр). Начинать желтеть от первых заморозков (о растениях в начале осени). Күһүн чугаһаан, от-мас сарт кутуруга буола хагдарыйан эрэрэ. ПАК АаТХ
Нууччалыы Род многолетних трав семейства сложноцветных; ястребинка
3 аат тыл #
Маһы кэтит тымтык курдук гына тыыран тугу эмэ оҥорорго бэлэмнэммитэ
Нууччалыы Широкие щепки, из которых плетут корзины и пр. (а раньше такое плетение ставили также в окно вместо стекла)
Көнө саастаах маһынан сарт тыыраллар. Көмүлүөк оһох иннигэр -- эдэригэр бэрт үчүгэй сэбэрэлээх киһи кырдьыбыта, сарт тымтайтан ылан, үтэһэҕэ мунду балыктары үөлэ олорор. Р. Кулаковскай Балаҕаннарын сарт түннүктэрэ кылбаһан көһүннүлэр ХС
4 этии #
Нууччалыы Литься градом (о поте, слезах)
Сарт түс - өрүһүлтэтэ суох саккыраа (хол., киһи көлөһүнүн этэргэ) Буруону [тыал] сабыта охсон, дьиэ иһэ ыыс-быдаан. Харахтарын уута сарт түһэр. Болот Боотур Бэрт өр сүүрүктүүн хатыһан, ийэ-хара көлөһүнэ сарт түһэн, Оппоос адьас ыксаабытын кэннэ, кытыл чугаһаатар чугаһаан истэ. В. Тарабукин Сарт бар - быыһа суох тэһин, саккырас буол (хол., дьиэни, иһити этэргэ). Θ Течь, капать сплошным потоком (напр., о потолке, посуде). Өс киирбэх хоспоххо көтөн түс, Хоспохпут букатын сарт барбыт -- Олоруох быһыылаах манна кус Халҕанын тэлэччи астаргын. Урсун. Ср. тюрк. йар, дьар ‘расщепить’, йарт ‘доска’