Перевод с якутского
сарыал
аат тыл
Нууччалыы красные лучи солнца ранним утром и перед закатом
1 аат тыл #
Күн сарсыарда үөһэ ойуон иннинээҕи уонна киэһэ киириэн аҕай иннинээҕи сардаҥалара, кытархай уота
Нууччалыы Красные лучи солнца ранним утром и перед закатом
Элиэнэ эбэ киэһээҥҥи уот кыһыл сарыал диэки кытара уста сытара.
Н. ЛугиновБөтүүк бастаан ыллыыта, Күлүм сарыал тыгыыта Мунньуу, охсуу күрэҕэр Туруннубут үлэҕэ А. Абаҕыыныскай Сырдык күндүлэ, күүстээх сырдык. Θ Сияние, яркий свет. Ол [утуйа] сыттахтарына - Илин иэйэхситтээх халлаан Дьиэгирэн-дьиэгирэн тэлэллибит, Айыыһыттаах халлаан Ахпайан-ахпайан арыллыбыт, Сырдык сарыала Таҥнары тыккыраабыт.
Өксөкүлээх Өлөксөй
Өссө холобурдар (1)
Бу далай, бу халлаан сарыала, Сүрэҕи угуттуур күөх салгын, Бу уйгу ыһыаҕын чараҥа, Үлүскэн үөрүүбүт, бу дьолбут - барыта эн эбээт, мин дойдум С. Данилов
2 аат тыл #
Туох эмэ улахан үөрүүлээх, үтүө кэскиллээх саҕаланыыта, күнэ үүнүүтэ
Нууччалыы Наступление радостного, светлого события, ощущение грядущего счастливого будущего
Санаа туолла: өстөөх суулла, Ийэ сирбит аатырда. Саҥа саастар, саҥа суоллар Сарыаллара сандаарда. Эллэй. Бу икки илиим чэрдийиэр диэри, Бурдугу астаан, ынаҕы ыаһан, Күүспүн мунньунан, Кыана туттунан, Көрүстүм эмиэ Кыайыы сарыалын! И. Егоров Ср. др. -тюрк. йарун ‘заря’, бур. һаруул ‘ясный’, монг. саруул ‘светлый, ясный’