Перевод с якутского
сатарыт
Нууччалыы раскатисто, громко говорить, кричать; шуметь
1 #
сатарый I диэнтэн дьаһ. туһ. [Сабардам] ити Тумарча Киргиэлэй курдук дьонунан хаһаайыстыбатын дьаһайтаран-тэрийтэрэн олоҕун-дьаһаҕын дэлби айгыратан, сатарытан кэбистэ. Болот Боотур. Киһи организмын эт-хаан да, өй-санаа да өттүнэн улаханнык сатарытар урукку олох хаалынньаҥнарыттан арыгылааһыны уһулуччу бэлиэтиир сөп. ППА СЭЫа
2 #
сатарый II диэнтэн дьаһ. туһ. Ынах маҥыраан салгыны сатарытар. Н. Габышев. ХТЗ тыраахтар обургу хамбаайыны сиэтэн, салгыны сатарытан бастаан дьэһимиэни быһан киирэн барда. “ХС”
3 #
Күүскэ, дуорааннаахтык саҥар, хаһыытаа, тыаһаа
Нууччалыы Раскатисто, громко говорить, кричать; шуметь (о предметах, явлении). [Этиҥ] Чаллах маска саспыт абааһыга Дьааһыйан сатарытта
Максим эмиэ төбөтүн хантаччы быраҕан күлэн сатарытта.
Н. ЛугиновХабараан маҥан халлаан Хабаҕалын хайа үүммүт Хара турбалар Хаһыытаан сатарыттылар С. Васильев