Перевод с якутского
силигирээ
туохтуур
Нууччалыы шелестеть, шуршать
1 туохтуур #
тыаһы үт. туохт. Чэпчэкитик “с-сии-ии” диэн эрэр курдук тыаһаа, оннук тыаһы таһаар
Нууччалыы Шелестеть, шуршать
Тыа иһэ уу-чуумпу. Арай -- мутукча суугунуур, сэбирдэх силигириир, үрдүбүтүгэр тыа баһа нуоҕайа куугунуур. А. Бэрияк Эбэҕэ ытыллыбыт кустар биһиги үрдүбүтүнэн көтөн силигирээн ааһаллар. И. Сосин Ол диэкиттэн сымнаҕас туйах тыаһа уонна талах силигириирэ эрэ иһиллэн хаалла. “ ХС
2 туохтуур #
дьүһ. туохт. Тэлибирии хамсаа (хол., сэбирдэх)
Нууччалыы Мелко дрожать, трепетать (напр., листва на ветру)
Сэмэй тыалтан сэбирдэх Силигирии хамсыыр. Эллэй. От аргыый хамсаан силигириирэ. И. Федосеев Сиккиэр түһэн сэбирдэх Силигирии мөҕүстэ Саһарҕа