ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

силис

аат тыл

Нууччалыы корень

English root

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

Үүнээйи буор анныгар баар тирэнэр, аһыыр биир эбэтэр элбэх утахтаах салаата

Нууччалыы Корень (растения)

  • Силиһэ суох мас үүммэт (өс хоһ.). Мас тирэнэр силиһигэр, Киһи - бар дьонугар.
    ХС
  • Үүнээйи силиһинэн тыынар буолан олус сииктээх кырыс буорга тумнастан өлөр.
    ФНС ОС

2 аат тыл #

Ким-туох эмэ төрдө, саҕаланыыта

Нууччалыы Основа, начало, истоки, корни кого-чего-л

  • Таптааҥ, төрөөбүт норуоту, Кини силиспит буолар дии.
    П. Тобуруокап
  • Биһиги онно тойоттор силистэрин туһунан кэпсэппиттээх этибит эбээт.
    Амма Аччыгыйа
  • Саха литературатын фольклорнай силистэрэ - атын бөдөҥ чинчийиилэр тиэмэлэрэ
    СГС СЛКСБ

3 этии #

Нууччалыы Пускать корни

  • Силис (силис-мутук) тардар - төрүттэнэн, үөскээн, сайдан, олохсуйан барар Ханнык баҕарар суруйааччы айымньыта тустаах кэмтэн силис тардан үөскүүр. Софр. Данилов. Улам-улам кини дууһатыгар бэйэ кыаҕар эрэмньи үөскээн, силис тардан испитэ.
    Н. Лугинов
  • Саха үгүс топонимическай тиэрминнэрэ монгуол, бүрээт тылларыттан силис тардаллара үчүгэйдик биллэр.
    ХС
  • Үчүгэй даҕаны, куһаҕан даҕаны кыраттан силис-мутук тардан барар.
    ХС
Өссө холобурдар (2)
  • Силиһиттэн (силистэри) түөр - төрдүттэн, бүтэһиктээхтик суох оҥор. Θ соотв.: вырвать с корнем. Биир кинээс тыына быһыннаҕына, атын кинээс туруоҕа. Онтон олох уларыйбат. Силиһиттэн түөрүөххэ наада.
    Амма Аччыгыйа
  • [Киирик:] Сир түҥэтигэ буолбута, кулаактары силистэри түөрэр күн кэлбитэ. С. Ефремов

4 этии #

Нууччалыы Корнеплоды

  • Силис астаахтар - аһылык буолар суон киин силистээх үүнээйилэр (моркуоп, сүбүөкүлэ уо. д. а.) Силис астаахтар тымныы хаарыйан буорту буолбут уонна сытыйбыт уктарын сиилэстиэххэ сатаммат. САС. Силис астаахтар сибиинньэ хамаҕатык сиир сиэдэрэй аһылыгынан буолаллар. КПИ СИиУо. Глоксиния - баархаттыҥы ньуурдаах улахан сэбирдэхтэрдээх силис астаах үүнээйи. Дьиэ к. Силис мундута түөлбэ. - күлгэри. Θ Ящерица. - Куһаҕаны ол мутукпутун кытта аҕалбыппыт, тыаттан. Мин билэбин дуо? - Ол дуо? Силис мундута.
    А. Сыромятникова
  • Силис сыарҕа - тиит мас силистэри ылыллыбыт умнаһыттан оҥоһуллар ыллыктаах сыарҕа (силиһэ сыарҕа сыҥааҕа буолар). Θ Сани, полозья которой сделаны из ствола лиственницы, взятой вместе с корнем (корень используется для передней дугообразной части полозьев). Утуйар таҥастарын, оҕолорун уйатын, иһиттэрин-хомуостарын дуомун бука барытын силис сыарҕаҕа өрөһөлүү тиэйэн кэбистилэр.
    Күннүк Уурастыырап
  • Оҕуһун силис сыарҕаҕа көлүммүтэ, таһаҕаһын тиэммитэ.
    И. Находкин
Өссө холобурдар (5)
  • Оҕус көрөөччү В. Максимов бэйэтиттэн сыҥаахтаах силис сыарҕаны оҥорбута.
    ХС
  • Силис уута - тыа хаара-мууһа ууллан үөскүүр уу (саас хонууга, алааска хаар ууллан бүппүтүн кэннэ). Θ Талая вода в лесу, на полях. Сырдык үрүччэ, Ардах түспүччэ, Силис уутуттан силбэнэн, Сир тымырыттан эбинэн -- Куугунуур айаннанан Аатыраҕын, алыстыыгын.
    Күннүк Уурастыырап
  • Силис уута дьигиһийдэ, амах уута асхарыйда, мутук уута чорулаата. Ньургун Боотур. Бүгүн бэҕэһээҥҥитээҕэр ордук күүскэ ириэрдэ - хаар уута халыйа, силис уута сиккирии түһэргэ дылы буолла.
    А. Бэрияк
  • Силис ыамата - тутаах силистэн тахсар эдэр салаа. Θ Отпрыск корневой. Сыыс от сиэмэтинэн эрэ тарҕанар буолбатах. Кинилэр силиргэхтэринэн уонна силис ыамаларынан эмиэ тарҕанар идэлэммиттэр. ЛИК СОТҮҮү
    Т. Ср
  • др. -тюрк. йылдыз ‘корень, основание’

«С» буукуба