ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

силлиэ

аат тыл

Нууччалыы сильный холодный ветер

1 аат тыл #

Тымныы салгыннаах күүстээх тыал (буурҕатааҕар күүһүнэн кыра)

Нууччалыы Сильный холодный ветер (по силе слабее чем буря)

  • Силлиэ иһиирэ-иһиирэ хаары өрө бурҕачытар.
    С. Никифоров
  • Күһүн күтүр күөйэн кэллэ, Күүстээх силлиэ сирилиэ... Эллэй. Бэс ыйынааҕы сааскы нуурал халлаан киэлитин алдьатан, арҕааттан эмискэччи анысханнаах силлиэ түспүтэ
    Т. Сметанин

2 аат тыл #

поэт. Өрөбөлүүссүйэ дьон олоҕун тосту уларыта тутар күүһүн уобарастаан этэр тыл

Нууччалыы Образное выражение, преобразующей жизнь людей силы революции

  • Биһиги көлүөнэ ийэтэ - Октябрь тимир силлиэтэ!
    Л. Попов
  • Октябрь этиҥэ эппитэ, Көҥүлү, сырдыгы хоту сир дьонугар Аҕаалта ол этиҥ силлиэтэ.
    С. Данилов
  • Ээй, чэйиҥ! Киэр кыйдааҥ бу хоһум чуумпутун, Киллэриҥ өрөбөлүүссүйэ силлиэтин
    М. Ефимов

3 аат тыл #

поэт. Сэрии суоһун-суодалын, алдьатар күүһүн уобарастаан этэр тыл

Нууччалыы Образное выражение, разрушительной силы войны

  • Сэрии силлиэтэ Ытыллан ааһыаҕа, Хааммыт таммаҕа Дьол буолан тыллыаҕа.
    П. Тобуруокап
  • Кутаа уот силлиэтинэн “Катюша” типпитэ.
    И. Гоголев
  • Манна эмиэ сэрии силлиэтэ үрэр, Манна эмиэ охсуһуу ньиргиэрэ Иһиллэр эбит
    Т. Сметанин
Өссө холобурдар (3)
  • Силлиэ тыал - силлиэ 1 диэн курдук. Муора кыырыктаах даланын үрдүнэн силлиэ тыал былыты хомуйар.
    П. Ойуунускай
  • Муус кырыа дьиэбит үрдүнэн Силлиэ тыал ытыыр, ыллыыр. Эллэй. Силлиэ тыал ааспыта. Сир-дойду сытыйан, Силбиккэ баттатан турбута.
    Күннүк Уурастыырап
  • Ср. др. -тюрк. йел ‘ветер’, йэллих ‘вихрь, порывы ветра’

«С» буукуба