Перевод с якутского
силлиэр
туохтуур
Нууччалыы сильно дуть, задувать, бушевать
Ис хоһооно · 4
1 туохтуур #
Тымныы салгынынан күүскэ сирилэччи үр (буурҕа, силлиэ туһунан)
Нууччалыы Сильно дуть, задувать, бушевать (о пурге, вихре)
Хараҥа түүн тыал силлиэрэр, оһох үөлэһэ күҥкүнүүр. В. Протодьяконов Үнүр түүннээх күн тухары силлиэрбит халлаан чуумпуран, тыаһа тахсан баран, аны, түүннээх күн хаардаан намылыппыта. В. Яковлев Халлаан хатаан хачыгыратта, силлиэрэн силбиэтэннэ, хаардаан намылытта И. Данилов
2 туохтуур #
Өрө кыыйын, ытылын (үксүн поэзияҕа: сэрии алдьатар, урусхаллыыр күүһүн уобарастаан этэргэ тут-лар)
Нууччалыы Бурлить, разразиться (обычно в поэзии: образное выражение проявления разрушительной силы войны)
Эмиэ сэрии силлиэрдэ, Эмиэ сата тардылынна. Күннүк Уурастыырап Ол былыргы былдьаһыктаах дьылларга Силлиэрэр этилэр сир үрдүгэр сэриилэр... С. Тарасов Фашистар, ыттар, хааннаах сэриинэн силлиэрбэтэхтэрэ буоллар маннык сору көрүөх этим дуо? М. Доҕордуурап
3 туохтуур #
Олус түргэнник, дохсуннук хамсаа, хаамп, айаннаа (тыал курдук түргэнник диэн этэргэ)
Нууччалыы Мчаться, нестись (как ветер)
Күүгэннээх уу титииктэр кэннилэринэн силлиэрэ уһунна. А. Фёдоров Пропеллер салгыны ытыйан, көтөр аал, халлааҥҥа силлиэриий! Эрилик Эристиин Хаар маҥан табаккам, Бэлэмнэн айаҥҥа! Сири дьэ эргийэ, Силлиэрэ сүүрүөхпүт. Эвен фольк
4 туохтуур #
Олус омуннаахтык, өрө күүрэн санааҕын биллэр, айдаар
Нууччалыы Очень громко, бурно проявлять чувства, шуметь, бушевать
Кини бэйэтин оннугар Микиитэ Лэглээрини анатаары бэрт омуннаахтык силлиэрдэ. Амма Аччыгыйа Саала өссө улаханнык силлиэрдэ, ытыс таһыныыта уҕараабата. И. Федосеев Сэкирэтээр остуолу сырбатта, Силлиэрэн, кыыһыран чаҕытта С. Васильев