Перевод с якутского
симии
аат, даҕааһын
Нууччалыы внутренности забитой скотины, набитые в рубец и замороженные в таком виде
Ис хоһооно · 4
1 аат #
сим диэнтэн хай. аата. Сиилэһи симиини былассаакка ортотуттан саҕаланыахтаах. "ХС". Сиилэс маассатын сахсархайдык симииттэн үүнээйилэр быыстарыгар элбэх салгын баар буоллаҕына оһоҕос палочкалара үгүстүк үөскүүллэр. САС
2 аат #
Өлөрүллүбүт сүөһү иһин бэйэтин ханныгар симэн тоҥоруллубута
Нууччалыы Внутренности забитой скотины, набитые в рубец и замороженные в таком виде
"Арай иһиттэн ордорон, бэрситэлиэх бэйэм буоллаҕа, ол кэриэтэ симиим аччыгый буоллун", - дии саныы олордо А. Софронов Холбуйата бүтүннүү симии арыы быһыылаах.
Суорун ОмоллоонХаҥас диэки ойуур саҕатыгар симии титиик, чардааттаах киһи уҥуоҕун саҕа буолан, харааран көстөр. М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (1)
Индеецтэр симии буор эркиннээх, соломо сабыылаах дьиэлэргэ олороллор. КВА МГ
3 даҕааһын #
суолт. Ыга хааламмыт, симиллибит
Нууччалыы Плотно набитый
4 этии #
Нууччалыы Забор из жердин, горизонтально уложенных между столбами с жёлобом. [Миронов] баланыысса симии олбуорун иһигэр киирдэ
Симии олбуор - суолахтаах баҕаналар икки ардыларыгар сонос мастары сытыары симэн оҥорбут соппулуот М. Доҕордуурап Оҕонньор -- мончууктарын бөҕө-таҕа симии олбуору кыйа -- кэчигирэтэн кэбистэ. Н. Босиков Кытыыга симии олбуор дуома баарыгар сыыллан тахсыбытым. ЭК
Өссө холобурдар (3)
Симии оһох - мас киэпкэ туойунан симэн оҥоһуллубут көмүлүөк оһох. Θ Битый камелек (сделанный путем заливки глины в деревянную форму). Балаҕаҥҥа сылаас уоттаах симии оһох уонна кэрэ кэпсээннээх Даарыйа эмээхсин саамай наадалаахтар, кинилэрэ суох сатаммат. Амма Аччыгыйа Симии оһох сүрэҕэлдьээбит курдук таһыргыы умайар. И. Гоголев Симии оһоҕу саҥа сыбаан тигинэччи оттубуттара. "ХС"