Перевод с якутского
симилин
Нууччалыы набиться, скопиться в большом количестве где-л
Элбэх буолан ханна эмэ киир, мунньуһун
Нууччалыы Набиться, скопиться в большом количестве где-л
сим I диэнтэн атын. туһ. Биир кыра тохтобулга ыга симиллибит куулу санныгар биллэҕэ быраҕыммыт оҕонньор киирэн кэллэ. Амма Аччыгыйа Көхсүгэр - ыга симиллибит иэннэриктээх суумка, уҥа өттүгэр - кус хаалыыр сиэккэ. Софр. Данилов. Манна эт, арыы, тоҥ балык булууһу толору симиллэн сытара. Н. Якутскай Кыараҕас балаҕаннарыгар симиллэн олордулар. Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (8)
Сүүрбэччэ кыыс биир балааккаҕа симиллибитэ. Л. Попов Оҥоойу тибии курдук сирэйигэр саба ыһыллар, хараҕар уонна муннугар симиллэр. Н. Якутскай Хотон иһигэр -- ынах сүөһү лыык курдук симиллэн баайыллыбыт Р. Кулаковскай Кыараҕас, баппат сиргэр киир, кыбылын. Θ Входить, втискиваться в тесное пространство. Туйаарыма Куо куттанан, орон үрдүгэр ыттан, муннука симиллэр.
Суорун ОмоллоонСеня колокуонньа аллараа салҕааһыныгар тиийдэ уонна кыра эрдэҕинэ холкутук сылдьар аһаҕаһынан бэрт нэһиилэ симиллэн, онно киирдэ Эрилик Эристиин сөбүлээб. Ханна эмэ (табыгаһа суох сиргэ) киир, баар буол (баҕаран, сөбүлэһэн туран буолбакка). Θ Быть, оказаться (не по желанию, согласию) где-л. (в неподходящем месте). Хомуньуус тоҕо манна кэлэн симиллиэй? Улууска хаалар ини. Болот Боотур - Бэйи, эн оҥкучахха тоҕо симилинниҥ? - Оттон этиҥтэн куттанан, алҕас түстүм буолбат дуо?! - диэн балта Коляҕа хоруйдуур.
Суорун ОмоллоонКини хаайыыга симиллэн, -- олохтон, охсуһууттан ойдон, бу курдук сытыахтаах дуо? А. Сыромятникова