Перевод с якутского
симириҥнээ
симириктээ диэн курдук. Сырдыктан хараҕа саатан Учуутал симириҥнээтэ. И. Гоголев Остуолга кыраһыын лаампа симириҥнии умайар. Софр. Данилов. Эмээхсин аҥаар илиитинэн чарапчыланан, симириҥнии-симириҥнии дьиэтин диэки көрдө. С. Никифоров Куолайга кутуллубут сыа ыһыырынньык остуолга умайан симириҥнии турар. П. Филиппов