ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

синньэ

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы длинная шерсть под шеей оленя

Ис хоһооно · 5
I

1 аат тыл #

Таба моонньоҕун түүтэ (уһун буолан оһуорга тут-лар)

Нууччалыы Длинная шерсть под шеей оленя (используется для вышивания)

  • Таба синньэтинэн оһуордаабыттар

2 аат тыл #

Таҥаска сабынан тигэн, анньан ойуулааһын, оһуор

Нууччалыы Вышитый узор, вышивка

  • Кинилэр кэннилэриттэн тоҥус кыыһа -- кыһыл, күөх, саһархай солко сабынан синньэ анньыллыбыт кэрсиэтин кэтэн -- тахсан кэллэ.
    Н. Павлов
  • Оноолоругар оһуордаах сонноох, эҥээрдэригэр синньэлээх тоҕус уон тоҕус бухатыыр -- уолаттарыгар үс моойдоох хааннаах хойгуоларын туспа туруордулар. ПЭК ОНЛЯ VII
  • Сиэдэрэйим бэртэрэ, Сибэкким дьиктилэрэ, Синньэ дьэрэкээн кэдээлбин Силигилэтэ симээн дьэргэтиҥ!
    Күннүк Уурастыырап
Өссө холобурдар (1)
  • Сир-дойду кэрэ-киэҥ далбара Синньэ солконон симэннэ
    А. Бэрияк

3 даҕааһын #

суолт., поэт. Оһуор курдук кэрэ, дьэрэкээн

Нууччалыы Красивый, яркий, пёстрый как цветной узор

4 этии #

Нууччалыы Узорчатая, нежная зелень расцветшей природы

  • Синньэ күөх поэт. - сиппит айылҕа оһуор аспыт курдук кэрэ, тупсаҕай, нарын күөҕэ Үтүө сир чэлгийэр саадтарын Үйэлээх синньэ күөх симээтин.
    Күннүк Уурастыырап
  • Синньэ күөҕэ сирэлийэн, Ача күөҕэ аралыйан [саас кэллэ].
    П. Тобуруокап
  • Көрөҕүн дуо? Бу дыргыл сыттаах хампа күөҕү, синньэ күөҕү, бу кэрэмэн көстүүнү. Сэмээр Баһылай
II

5 #

, кэпс. Тугу да гыммакка, туга да суох; көннөрү, мээнэ

Нууччалыы Ничего не делая, без ничего; просто, просто так. [Ыстапаан оҕонньор:] Дойдубун киһиэхэ былдьатан, үҥсэ, дьыала түһэрэ кииртим даа, үүтү-хайаҕаһы булбакка синньэ төннөн тахсан эрэбин

  • Аҕам, бука, синньэ кэлэрэ буолуо: кыыл киириэ эрдэ эбээт.
    Болот Боотур
  • Тус бэйэм ити хоһоон сахалыытын синньэ, таах сылдьан эрэн, “ээх” дэтиэххэ дылы, эмиэ "нойосуустаан" кэҕийэр бэйэлээх этим
    С. Федотов

«С» буукуба