ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

синньээ

туохтуур

Нууччалыы становиться тонким, небольшим в поперечном сечении

Ис хоһооно · 5
I

1 туохтуур #

Суоҥҥунан кыччаа, модьута суох буол

Нууччалыы Становиться тонким, небольшим в поперечном сечении (о круглых длинных предметах, верёвке, жерди и т. п.)

  • Айыы бухатыыра киэҥ көхсө сүүтүктээҕэр кыараата, уһун санаата саптааҕар синньээтэ.
    Саха фольк
  • Төгүрүк көһөҥө былыт хатыҥ сэргэ кэриэтэ синньиир, кылбайа дьиримниир.
    Н. Габышев
  • [Анньыы уга] туура угуллар сиринэн сыыйа синньиир. ПАЕ ЭА
    Б. Утар
Өссө холобурдар (1)
  • соноо

2 туохтуур #

Туораҕынан лаппа кыра, кэтитэ суох буол

Нууччалыы Быть узким, сужаться

  • Киренскэйтэн үөһэ Өлүөнэ өрүс өссө синньиир.
    Н. Якутскай
  • Күөл атаҕа синньээн, уута чычааран, боруу отунан бүрүйэ үүнэн хаалбыт
    Н. Заболоцкай

3 туохтуур #

Дьарамай уҥуохтаах, хатыҥыр, суона суох буол

Нууччалыы Быть исхудавшим; тонким, узким в кости, худым

  • Ньарбай -- сэдэх бытыгын иинэн-хатан синньээбит тарбахтарын төбөтүнэн таҥнары сыыйбахтаата.
    И. Никифоров
  • Биллэ кэҥээбит хаар маҥан ис ырбаахытын сиэҕин ньыппарыммыта, илиилэрэ кыраабыл угунуу синньии уһаабыттар.
    Н. Габышев
  • Кини испиискэ маһын курдук синньээн хаалла. Д. Родари (тылб.)

4 туохтуур #

Үрдүк, хатан буол (куолас туһунан)

Нууччалыы Быть высоким (о голосе)

  • "Тукаам, - куолаһа синньээн Татьяна остуол таһыгар кэллэ, - туох буолла?"
    М. Попов
  • Улаан тула холоруктуу-холоруктуу сайыһан кистии хаалбыт саҥата кулгаахпар тыҥкыныыр кумаар саҥатын курдук синньээн иһиллэ хаалла.
    Н. Заболоцкай
  • Ср. др. -тюрк. йинчкэ ‘тонкий’
II

5 туохтуур #

Дьиэ сүөһүтэ төрүүрэ чугаһаатаҕына, синньэ улаатан барар

Нууччалыы Набухать (о вымени домашних животных - признак близкого отёла)

  • Биэс ынахтара бэһиэн синньиэхтэригэр диэри ыаталлар. Саха ост. I. Дьэ, Алакаайы [ынах аата] синньээн эрэр, сотору үүт биэриэҕэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Биир тыһаҕас синньээбитэ хас да хонно, аны, баҕар, бу түүн төрөөн кэбиһиэҕэ
    И. Сысолятин

«С» буукуба