Перевод с якутского
сирдьит
аат тыл
Нууччалыы провожатый, указывающий путь, проводник
English guide
1 аат тыл #
Суолу билбэт дьоҥҥо бииргэ сылдьыһан суолу көрдөрөн, ыйан биэрээччи
Нууччалыы Провожатый, указывающий путь, проводник
Айан бастаан иһээччи сирдьит киһиэхэ ордук эрэйдээх этэ. Д. Таас Бу айаннаан иһээччилэргэ сирдьиттэринэн Ньукулааскы иһэр. Т. Сметанин [Ыкынаачай:] Үчүгэй сирдьитэ суох буолан мунан, тиэрэ баран хаалыахтара суоҕа дуо?
Күндэ
2 аат тыл #
Хараҕа суоҕу сирдээччи
Нууччалыы Поводырь
Ырааҕын кэрэйбэккэ, -- сирдьитинэн сиэттэрэн, харахтанаары кэлбиттэр.
П. ОйуунускайБэһиэлэйэп -- Өксүүнньэни сирдьит оҥостон, -- ыалларга сылдьан араас кэпсэтиилэри оҥорор, иэһин-күүһүн ирдэһэр. Амма Аччыгыйа Эмээхсин сирдьит кыыһа хайыһыннаран кэбиспитин хоту -- үҥэн боҕуйан кэбистэ Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (2)
Инники иһээччи, суолу хайааччы (хол., үөргэ). Θ Вожак (напр., стаи). [Быыпсай:] Оннооҕор көтөргө-сүүрэргэ биирдии сирдьит баар буолар баҕайыта.
П. ОйуунускайСирдьит чубуку үөрүн Таала диэки салайар. В. Лебедев (тылб.)
3 аат тыл #
Политикаҕа, идеологияҕа норуот билинэр баһылыга, салайааччыта
Нууччалыы Вождь. Улуу поэт Некрасов -- бэйэтин бириэмэтинээҕи революционнай охсуһуу идиэйинэй сирдьиттэрин кытта ыкса сибээстээҕэ. Софр. Данилов. Кыһыл Болуоссат устатын тухары көстөр ГУМ дьиэтин киинигэр сирдьиттэр мэтириэттэрэ. В. Ойуурускай. Норуот көнө сирдьитэ буолуу - олус кытаанах анал. М. Горькай (тылб.). Ср. др. -тюрк. йерчи ‘проводник’