Перевод с якутского
сирэйдэн
Нууччалыы менять выражение лица, принять какой-л
Ис хоһооно · 6
1 #
сирэйдээ 3 диэнтэн атын. туһ. Мотуруона -- санаатыгар дьол уол оҕонон сирэйдэниэхтээх. Н. Павлов. Манна [хоһооҥҥо] Ийэ дойдуга иһирэх таптал сардаана сибэккинэн сирэйдэнэн бэриллэр. "ХС"
2 #
Сирэйиҥ-хараҕыҥ олоруута уларыйбыт буол, уларыйбыт дьүһүннэн
Нууччалыы Менять выражение лица, принять какой-л. вид (о лице)
Уон түөрдүн-биэһин диэки -- Үргүүк дьүһүннэннэ, Дьиэгэнис сирэйдэннэ, Дьиэрэҥкэй идэлэннэ.
Өксөкүлээх ӨлөксөйДьон ааһар арбы-сарбы Сорох олохтон дьиксиммит, Сылаарҕаабыт сирэйдэммит. Р. Баҕатаайыскай Охоноон дьэ дьикти оҕонньор буоллаҕа: сүргэтэ көтөҕүлүннэр эрэ адьас кыра оҕо сирэйэ сирэйдэнэр Л. Попов
3 #
Сирэйгин хайа эмэ диэки туһулаа, хайа эмэ сир диэки хайыс
Нууччалыы Быть, повернуться лицом к чему-л
Оҕонньор өлүгэ кини диэки сирэйдэнэн сытарын көрдө. В. Чиряев Бука бары үтүрүһэ-үтүрүһэ хонууга симсэн олохторун булуналлар, күн тахсар сирин диэки сирэйдэнэллэр. Эвен фольк
4 #
Тута харахха быраҕыллыбат гына тугунан эмэ хаххалан, тугу эмэ хахха оҥоһун
Нууччалыы Прятаться, скрываться, прикрываясь чем-л
Көмнөхтөөх мастарынан сирэйдэнэн, бэрт сэрэҕинэн иннилэрин диэки үөмэн киирэн бараллар. Н. Якутскай Иирэ талахтарынан сирэйдэнэн кустарга чугаһаатылар. Т. Сметанин [Бандьыыттар] түүн аппа талахтарынан сирэйдэнэн икки-үс сүүс саһааннаах сирдэргэ сыыллан киирэн, сарсыарда халлаан сырдыыта дэриэбинэни ытыалаатылар П. Филиппов
5 #
Көнөтүнэн буолбакка, киминэн-тугунан эмэ саптынан сылдьан тугу эмэ гын, оҥор
Нууччалыы Прикрываясь кем-чем-л., делать что-л. неблаговидное "Айыы Таҥара аатынан сирэйдэммиккин тоскун ылыаҥ!" – диэн тииһин быыһынан кыбдьыгыраата Дьэлмэ
Муҥхаҕа сылдьабын диэн сирэйдэнэн, кинилэр нэһилиэктэригэр Болтоҥоттон Охоноон Новгородов диэн киһи кэлбитэ. И. Федосеев Баайдар -- сирэй бэйэлэринэн хамсаабакка олороннор, кыра дьонунан сирэйдэнэн, ол-бу буола сатаабыттара. Эрилик Эристиин Тюрк. чирай, бур. шарай
6 этии #
Нууччалыы Скрываться от людей в лесу, постоянно уходить в лес
Тыаны сирэйдэн - дьоҥҥо-сэргэҕэ көстүбэккэ наар хара тыаҕа сырыт, тыаҕа дугуйдан Уолум ойоҕун баран аҕалбыта аҕыйах хонно да, ойоҕо туой тыаны сирэйдэнэр буоллаҕа үһү. Н. Неустроев Кыыл курдук, хара тыаны сирэйдэнэн сылдьыма, бэрин, сааҕын-саадаххын туттар, дьоҥҥор киир.
Суорун ОмоллоонИкки атахтаах билбэтинэн -- тэринэн, сис тыанан сирэйдэнэн, Кураанах диэн кыра үрэххэ тиийбиппит. И. Никифоров