ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

систээ

туохтуур

Нууччалыы приделать к чему-л. часть, служащую опорой

Ис хоһооно · 4

1 туохтуур #

Туохха эмэ уйук буолар сытыары систэ оҥор

Нууччалыы Приделать к чему-л. часть, служащую опорой

  • Быһыты икки хос систээн түһэрдилэр.
    А. Фёдоров
  • Дулҕалаах сиргэ икки-үс ураҕас эбэтэр сиэрдийэ, уһун тоһоҕо мастары дулҕаҕа кэккэлэччи ууран систииллэр
    ПАЕ УуАХО

2 туохтуур #

Барыларыттан ордук кыахтаах буолан баһылаан-көһүлээн олор, улахан сабыдыаллаах буол

Нууччалыы Занимать господствующее положение, быть влиятельным, значительно превосходя многих (в основном богатством)

  • Былыр Кытаанах нэһилиэгин Баайкалар диэн баайдар систээн, баһылаан олорбуттар эбитэ үһү.
    Далан
  • Оччотооҕуга нэһилиэги өссө да систээн олорор баайдар, дьадаҥы дьоннору бэйэлэрин сабыдыалларыттан таһаарыахтарын баҕарбат этилэр.
    А. Бэрияк
  • Өрөбөлүүссүйэ иннинэ, кырдьык, халыҥ харчылаахтар куораты систииллэр
    ХС

3 туохтуур #

Сис тыаны туораан таҕыс, сиһинэн бар

Нууччалыы Перейти широкий лесной массив, растущий на возвышенном месте между двумя водоёмами

  • Булчут бөрөнү эккирэтэн үс сиһи систээн баран, нэһииччэ сиппитэ.
    Н. Заболоцкай
  • Саха дьоно Дьааҥы курдук улуу сис хайаны систээн түһэннэр үрэх баһын булбуттар
    Багдарыын Сүлбэ

4 туохтуур #

спорт. Тустууга: илиилэргин утарылаһааччыҥ икки хонноҕун аннынан уган сиһиттэн куустара ыл

Нууччалыы В вольной борьбе: просунув руки под мышки противника, с силой обхватить его спину

  • Владимир Ефремов атаҕынан олуйар, хатыйар, өттүктүүр, систиир албастары олус бэркэ туттара. Хапсаҕай. Дьэ, харбаһан ылаат, саллаат биһи киһибитин систээн көрбүт да кыайбатах.
    ХС
  • Анараа уол -- икки илиитин Миитээ хонноҕун анныгар анньан систээри хачыгыратта.
    НЕ

«С» буукуба