ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ситимнээ

туохтуур

Нууччалыы соединять, устанавливать связь между кем-чем-л

1 туохтуур #

Кимнээҕи-тугу эмэ холбооттоо, кинилэр ыккардыларыгар сибээһи олохтоо

Нууччалыы Соединять, устанавливать связь между кем-чем-л

  • Сирбит үрдүн ситимнии, Тимир суоллары Тэрийдибит. Эллэй. Сири кырсынан Ситимнии сылыгыраабыт Сибээс быаларыгар Сэнэрээттэр түстүлэр.
    С. Васильев
  • Тиэкис ис хоһоонун ситимнээн кэпсээһин оҕо кэпсиир дьоҕурун сайыннарар
    ОМЕ БМЫ

2 туохтуур #

Туох эмэ буолбуту, буолуохтааҕы атыттары кытта сибээстээн өйдөө, ылын, кинилэри кытта сибээстээҕин бул

Нууччалыы Воспринимать какое-л. событие в связи с другими событиями, фактами; установить связь, зависимость между ними

  • Бээһээни, бүгүнү, сарсыны Барытын ситимнээн өйдүү Соруйан дуоһуйа-астына Сирийэн мусуойу көрдүм.
    Баал Хабырыыс
  • И. В. Пухов айыы бухатыырдара абааһы уолунуун күөн көрсүһүүлэрин, киһи айылҕа амырыын күүстэрин кытта охсуһуутугар сөпкө ситимниир. Эрчимэн. Оҕо остуоруйаны олохтон араарбат, бииргэ ситимниир
    ХС

«С» буукуба