Перевод с якутского
собоо
туохтуур
Нууччалыы теряя силы, долго, мучительно издыхать
туохтуур
Күүһүҥ олох барана мөхсөн, быһа түһэн, ыран өл (сүөһүнү, кыылы этэргэ)
Нууччалыы Теряя силы, долго, мучительно издыхать (о скотине, звери)
Собоон өлбүт сүөһү. Тоҕус сотууннаан -- собоон өлбүт Өлүү дьабаҕан буурай Атыыр оҕуһун тириитэ Сонноох эбит. Күннүк Уурастыырап [Хандааҕа иҥнибит куобах] собообокко өлөр уонна туһаҕы быһа эрийэн эбэтэр быһа түһэн куоппат. ТСКБ. Кыылбыт ууга өр сыттаҕына собоон хаалыа, түргэнник харайа охсуохха ЭК
Өссө холобурдар (4)
Үчүгэй амтана суох буол, дьүдьэй (сүөһү, кыыл этин этиллэр). Θ Быть невкусным, несъедобным (напр., мясо скотины, издыхавшей в муках). Сүүлэ киирбит кэмигэр атыыр кыыл этэ киһи сиэбэт гына собоон хаалар. Болот Боотур Оҕонньор булду хайа миэстэтигэр бырахтахха ордук суһаллык өлөрүн, этэ собооботун үөрэтэр. Н. Абыйчанин [Сүөкүлэ:] Хаарыан эт собоон хаалан, урааҥхай айаҕар ылбат буолара буолуо. А. Фёдоров Ср. тув. чоба ‘терпи муку, мучься, страдай’, монг. ‘мучиться, терзаться’