ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сойуо

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы преследование зверя, погоня за добычей

Ис хоһооно · 5
I

1 аат тыл #

Булду (хол., тайаҕы, саһылы) эккирэтии, батыһыы

Нууччалыы Преследование зверя, погоня за добычей (напр., за лосем, лисицей)

  • Ол уол үгүс үрэхтэри, Киэҥ Сибиири тэлэр, Булт сойуотугар кини Сир сиксигэр тиийэр.
    С. Данилов
  • Булчут мэлдьи күндү түүлээх сойуотугар сылдьар.
    И. Федосеев
  • Булчут идэтэ сыралаах, Булт сойуота сындааһыннаах
    С. Данилов

2 этии #

Нууччалыы Первый снег после заморозков, на котором легко прослеживаются следы преследуемого зверя

  • Сойуо хаара - күһүҥҥү тоҥоруу кэнниттэн кыылы эккирэтэргэ тоҕоостоох бастакы чараас хаар Күрдьүк хаарым көтөҕүллүбүт, Сойуо хаарым солбонуйбут.
    Саха фольк
  • Кутталтан өйүн сүтэрбит Эр Соҕотох мастар быыстарынан ыстанна, тыстарын сойуо хаар быһыта тыытарын кэрэйбэт, ыарыытын да билбэт.
    В. Бианки
  • Ср. др. -тюрк. соҥда ‘гнаться, следовать по пятам’
II

3 аат тыл #

Быа түмүгэ ыйыллыбытын олуйан сүөрэр сытыы уһуктаах мас эбэтэр тимир иннэ

Нууччалыы Деревянная или металлическая игла для распутывания узелков на верёвке

  • Сытыы биилээҕи Сыҕарыппакка эрэ Сырайыгар тирээтэ, Сойуо уһуктааҕы Чугуруппакка эрэ Субатыгар туһаайда
    П. Ядрихинскай

4 даҕааһын #

суолт. Сойуо курдук сытыы уһуктаах уһун (үксүгэр көтөр тумсун хоһуйууга туттуллар)

Нууччалыы Длинный с острым концом как игла (в основном употр. для образного сравнения клюва птицы)

  • Хара суор оҕотун уһуйар: "Сойуо тумускар соллоҥ иҥнин, Сиэмэх оҕото сиэмэх буолар".
    И. Эртюков
  • [Ньымааты] бэл суор обургу сойуо тумса тоҥсуйбатах, баҕыыр тыҥыраҕа тыыппатах.
    Н. Абыйчанин
  • Ол кыыл обургу Сойуо хара тумсун Сототун таһыгар Сурдурҕаччы охсоот -- Киһилии дьаҥсайа, Кэс туойа олорбут.
    С. Васильев
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. монг. соёо (н) ‘клык, бивень, крючкообразная прочищалка (для курительной трубки)’
III

5 аат тыл #

, бэт. Сылгы синньигэс оһоҕоһугар үөскүүр отут-түөрт уон сэнтимиэтир уһуннаах бөкүнүк быһыылаах лиистик

Нууччалыы Параскарит

  • Саҥа эмп-томп булан [сылгылар] сойуоларын түһэртээбит олус үчүгэй эбит.
    Далан
  • Сойуолаах сылгы оһоҕоһуттан сүүс биэс уон устуукаҕа тиийэ итинник үөнү булуохха сөп. ААИ ОБСЫҮ. Сойуо сымыыттара икки сыл устата айылҕаҕа тыыннаах хаалааччылар. Сылгыһыт с

«С» буукуба