Перевод с якутского
сокуоннай
даҕааһын
Нууччалыы законный
English lawful, legal
Ис хоһооно · 4
1 даҕааһын #
даҕ
Сир сокуоннай баһылыктарыгар төннөр. Амма Аччыгыйа Кэргэннии буолуу аҕабыыт бэргэһэлээтэҕинэ эрэ сокуоннай диэн ааҕыллара. В. Протодьяконов "Бу докумуон сокуоннай күүһэ суох", - дии-дии Буут Уйбаанабыс биһиги диэки ньылас гынна Н. Габышев
2 даҕааһын #
Сокуоҥҥа сөп түбэһэр, эппиэттиир
Нууччалыы Соответствующий закону, законный
3 даҕааһын #
Олохтоох, сөптөөх, оруннаах
Нууччалыы Обоснованный, правильный, справедливый
Биһиги үгүс эдэр ааптардарбыт кырдьаҕас саха поэттарыттан көмөнү күүтэллэрэ сокуоннай. ХС Туоскун эбиитин бүрүкүрээккэ кубулуйар. Дьонтон тэйэр. Оннук киһи соҕотохсуйара сокуоннай ХС
4 этии #
Нууччалыы Совершеннолетие
Сокуоннай саас - киһи эт-хаан, өй-санаа өттүнэн ситэн гражданин быраабын ылар сааһа Сокуоннай саастарын туолбут эр дьон, дьахтар -- сууту таларга, суукка талылларга бары биир тэҥ бырааптаахтар.
П. ОйуунускайЭдэр үлэһит саҥа сокуоннай сааһын туолан быыбарга кыттар гражданскай бырааптанна. "Кыым". Эһиги оҕоҕут быйыл үөрэҕин бүтэрэр, биһиги да кыыспыт сокуоннай сааһын ситтэ. "ХС"